Чугунов Афанасий Васильевич
Чугунов Афанасий Васильевич - РФ, СӨ наукаларын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Билимин акадьыамыйатын вице-бэрэсидьиэнэ, тыа хаһаайыстыбатын билимин дуоктара.
Төрүт дьарыгыттан тэйбит омук эстэр. Итини билэр буоланнар уодаһыннаах омуктар эһиэхтэрин баҕарбыт омуктарын төрүт дьарыгыттан ьэйитэллэр. Биһиги, сахалар, төрүт дьарыкпыт, олохпут тутула, духуобунай сайдыыбыт, култуурабыт төрүтэ, тылбыт-өспүт сүөһү-сылгы иитиитэ буолар. Бу уһук хоту муус кыаһаан дойдуга хороҕор муостааҕы уонна сыспай силлээҕи иитии култууратын баһылаабыт сахаттан атын омук суох. | |
— Раиса Сибирякова, Афанасий Чугунов: Төрүт дьарыгыттан тэйбит омук эстэр! // "Саха сирэ" хаһыат, 2019.11.14, №44 (6184) |
Олоҕу үлэ эрэ сайыннарар. | |
— Раиса Сибирякова, Афанасий Чугунов: Төрүт дьарыгыттан тэйбит омук эстэр! // "Саха сирэ" хаһыат, 2019.11.14, №44 (6184) |
Тыа сирин оҕото тустаах үөрэҕэр сэргэ тутан, үлэнэн иитиллиэхтээх, ол эбэтэр сахалыы тыыҥҥа уһуйуллан улаатыахтаах. Оннук оҕо, кини кэлин ханнык идэни таларыттан тутулуга суох, өйө-санаата туруктаах, кута-сүрэ бөҕө буолар. | |
— Раиса Сибирякова, Афанасий Чугунов: Төрүт дьарыгыттан тэйбит омук эстэр! // "Саха сирэ" хаһыат, 2019.11.14, №44 (6184) |
Тыа ыала сүөһүнү-сылгыны ииппэт, сиргэ үлэлээбэт буолла, хара үлэттэн тэйдэ да, киин сирдэргэ талаһар, оттон нэһилиэнньэтэ аҕыйах, үөрэнэр оҕото суох нэһилиэк эстэригэр тиийэр. | |
— Раиса Сибирякова, Афанасий Чугунов: Төрүт дьарыгыттан тэйбит омук эстэр! // "Саха сирэ" хаһыат, 2019.11.14, №44 (6184) |
Тыа сирэ эһиннэҕинэ, сахалар дьылҕабыт хайа диэки хайыһыай? Онон, тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы, тыа хаһаайыстыбатын испэсэлиистэрин бэлэмнээһин судаарыстыбаннай суолталаах үлэ буолар. | |
— Раиса Сибирякова, Афанасий Чугунов: Төрүт дьарыгыттан тэйбит омук эстэр! // "Саха сирэ" хаһыат, 2019.11.14, №44 (6184) |
Киһи халлаан сулуһун харбаан дьолломмот, дьол диэн бэрт чугас сылдьар, ону киһи бэйэтэ уһанар. | |
— Раиса Сибирякова, Афанасий Чугунов: Төрүт дьарыгыттан тэйбит омук эстэр! // "Саха сирэ" хаһыат, 2019.11.14, №44 (6184) |
Куйаар сулус быыһыгар, | |
— Дьолуҥ дьиэҕэр // "Саха сирэ" хаһыат, 2019.11.14, №44 (6184), 10 с. |