Хомус
Тас көрүҥэ
Хомус - икки тимир сыҥаах ыккардынан олордуллубут тылын охсон тыаһатан оонньонор саха норуотун музыкальнай тэрилэ.
Хомус туһунан уус-уран айымньыларга
[уларыт]- "Хомус тыаһа бастаан утаа наҕыллык-намыыннык сыыйыллымахтаата, онтон улам-улам улаатан, тэтимирэн, күөрэгэй чыычаах көй тойугар кубулуйан дьирибинии дьирилээтэ, түөрэм үктэл туйахтаахтар кистии-кистии сүүрэр дохсун тыастара буолан тарҕыы көттө, итиэннэ балай да уһуннук энэлийэ-сыналыйа куһуйбахтаата, устунан илбистэнэн иэйэн-куойан барда".
- Иннокентий Иванов. "Чуумпу Бүлүү". 2018, С. 88.
- "Оо, хомус барахсан! Омоҕой, Эллэй саҕаттан улуу уус сиэҕин ньыппарынан туран, кытыастар кыһатыгар хат-хат кытардан ыла-ыла таптайан, эргитэ сылдьан эллээн, оргууй аҕай аалан, сүрэҕин сылааһын иҥэрэн, илигириир имигэс тыллаан айан кэбиспит тупсаҕай оҥоһуулаах хомуһа икки атахтаах, иннинэн сирэйдээх, босхо бастаах бороҥ урааҥхай ууһугар сүрэҕэр-быарыгар, өлөөрү да сыттаҕына өндөтөрдүү үйэлэр тухары дириҥник иҥмитэ аата сүрүүн!..." диэн сөҕө саныы-саныы, Боккуойа олоппоһуттан туран кэллэ.
- Иннокентий Иванов. "Чуумпу Бүлүү". 2018, С. 89.
Айыҥат хаан аймаҕа | |
— А.Е. Кулаковскай, Ырыа-хоһоон/Хомус.- Якутскай, 1978, С. 216 |
Хомус – лирика, | |
— Сэмэн Данилов, Семен Данилов. Үһүс том.- Дьокуускай, 2014, С. 95 |
Хомус туһунан публицистикаҕа
[уларыт]- "Биһиги, сахалар, уратылаах омукпут. Онтубут бэйэбит испитигэр, өйбүтүгэр-санаабытыгар, дууһабытыгар иҥэн сылдьар. Айар дьоҕур аан дойдутааҕы ирдэбилигэр сөп түбэһэр ускуустуба араас көрүҥнэрин холбуу түмэн улуу олоҥхолору айыталаабыппыт ыраатта, хомуһунан сирэйдээн чыҥкыныыр ыстаалы, тоҥ тимири сахалыы саҥардабыт, истиҥ иэйии иэйэр-куойар дууһа чыпчаал кылыһаҕа оҥордубут, үйэлээх тапталбытын этэр, биллэрэр киһилии кэпсэтиннэрэр, саҥа, дороон таһааран ытатабыт, ыллатабыт. Маны орто дойдуга хайа да омук ситиһэ илик".
- Дмитрий Зверев. Саха сирэ. - 1997. - Балаҕан ыйын 30 к.
Варган киһиттэн туһунан сылдьар гитара да, скрипка да, рояль да буолбатах, манна тыас айах, тыл, тыын — ис кут — көмөтүнэн тахсар. Ол иһин варган сомоҕолуур. | |
— Франц Кумпл, Аан дойду варганистарын тэрилтэтин бэрэсидьиэнэ, Австрия. Ылыллыбыт сирэ: Кюннэй Еремеева, Варган объединяет. "Якутия", 23.06.2022 |