Хас да суолталаах сомоҕо домохтор

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Хас да суолталаах сомоҕо домохтор.

Илии тутуурдаах, өттүк харалаах, хоойтон хостуурдаах, төргүү сүөрэрдээх:

а)бултаах-алтаах.

б)кэһиилээх,бэлэхтээх.


Уһун илиилээх:

а)ону-маны ыла сылдьар харам, кыраһыт киһи.

б)ханна баҕарар ситэн ситиһэр кыахтаах.


Тимир илии, кытаҕас ытыс:

а)күүстээх, бөҕө,

б)кэччэгэй, туппутун ыһыктыбат, көҥөс.


Сис туттан баран сырыт:

а)мээнэ хаам, дьаарбай.

б)тугу да үлэлээмэ, оҥорума, кыһаллыма.


Өйгүн-төйгүн бул:

а)тохтоон ыл, уоскуй, үлүһүйүмэ.

б)өйдөн, түспэдий, мээнэ сылдьыма.