Харыс тыллар
Харыстар - Норуот итэҕэлиттэн үөскээбит сүдү күүстээх үөрэх. Үгэстэн, итэҕэлтэн, сиэртэн-туомтан харыс тыллар үөскүүллэр.
Харыс тыл (эфвемизм) - тугу эмэ сирэйинэн ааттырыы, этэри тумнар туһугар туттуллар тыллар бааллар. Оннук тыллары харыс тыллар дэнэр.
Тылы тумнуу бииринэн, урукку кэмҥэ итэҕэлтэн тэптэрэн, куттаныыттан, айыырҕааһынтан тахсар. Туох эмэ аатын тумнуу сиэри тутуһан кыбыстыыттан эбэтэр харыстааһынтан тахсар. Сорох харыс тыллар, харыс тыл буолаллара умнулуннаҕына, иккистээн-үһүстээн тумнуллаллар. Холобур, сорох сирдэргэ, ордук Дьааҥы, Булуҥ диэки, тугэх диэн тылы тумнан, туох эмэ түгэҕин уллуҥаҕа ( иһит уллуҥаҕа, күөл уллуҥаҕа ), сэп диэни тумнан, тэрил ( ат тэрилэ ) дииллэр. Оттон ити тумнуллар түгэх, сэп диэннэр төрүт суолталарыттан ураты сахаларга өртөн ыла харыс тыл курдук туттуллар суолталаахтара биллэр.
Бүттүүн тылга биллэр тыллартан ураты олохтоох говордарга эрэ туттуллар харыс тыллар үгэстэр. Сирэйинэн ааттааһыны тумнан, наар харыс тылларынан саҥарыы булчуттар тылларыгар ордук бэлиэ. Булчуттар кыылы бэйэтин эрэ буолбакка, кыыл үгүс миэстэлэрин, булт сэбин-сэбиргэлэрин, булт өйдөбүллэрин харыс тылларынан ааттыыллар.
Итэҕэлтэн төрүөттэнэн үөскээбит харыс тыллар билигин улам умнуллан сүтэн иһэллэр, оттон сиэри тутуһууттан, мараны тумнан туһуттан олоҕурбут харыс тыллар умнуллубаттар. Харыс тыллар барымта дьиҥнээх аатыгар синоним курдук сыһыаннаахтар ( стилистическэй синонимнар ) . Ол гынан баран литературный лексикаҕа киирбэттэрин быһыытынан кэпсэтии тылын иһинэн эрэ көрүллүөхтэрин сөп.
Айылҕаҕа сыһыаннаах харыстар
[уларыт]- Улахан эбэлэри аатын ааттаммат.
- От-мас киһи курдук тыыннаах, алдьатыма.
- Чыычаах, тураах, чаччыгыныар уйатын, оҕотун тыытыма.
- Хатыҥ туоһун алдьатыма.
- Оҕо айылҕаҕа сылдьан харыстанньаҥ буолар.
- Айылҕаны алдьатар оҕо киһини да харыстаабат.
- Аһыыр күөлүҥ уутугар сөтүөлээмэ.
- Уу кырсын тааһынан тамнаама.
- Балыга ырыганнаабыт күөлгэ кураан дьылга үүт куталлар.
- Өтөҕү кэрийимэ, тыл эппит буолуохтарын сҥп.
- Сорох кырдьаҕастар өтөххө тэптиргэ уураллара, өтөххө киирбэтиннэр диэн.
- Киэһэ үөгүлээмэҥ, хаһыытаамаҥ, айдаарымаҥ.
- Өкөгөр, аччахтаах тиити тумнан аас.
- Ньукуолуҥҥа ойуурга тахсыбаттар. 7 саастаах уол оҕо маска ас уурар. Уол маһы кууһан тура, ийэ айылҕаттан көрдөһөр.
- Чыычаах уйа туттубат күнүгэр, муус устар 7 күнүгэр, ойуурга тахсыллыбат.
- Хаарга суруйбаттар, хаары мээнэ тырааппайдаама, бааһырдаҕыт.
- Өтөх төҥүргэстэригэр оонньоппоттор.
- Алаас кэрии тыатыгар оонньоомо.
- Айан аартыгар оҕо оонньообот, араас санаалаах киһи ааһар.
- Соҕотох турар бэһи, тиити, этиҥ охсубут маһын тыыппаккын.
- Ытык мас, оруктаах мас, кэрэх мас – айылҕа туругун түмэн көрдөрөр мастар. Маннык мастартан толлоҕун, кинилэр айыылартан ураты күүһү ылар, тулалыыр эйгэни иитэ тураллар.
- Аарыма маска тохтоон тугу эмэ бэрсэн ааһаллар.
- Оҕону иччитэх өтөххө соҕотохтуу хаалларбаккын, айдаардыбаккын.
- Өтөх малын оннуттан сыҕарыппаккын, этиилээх, кырыыстаах буолуон сөп.
- Сааскы халлаан албын тыаллаах, искин-үөскүн дьөлө үрэр, ыарытыннарар. Бас сыгынньах сылдьыма – ыарыһах буолуоҥ.
- Холоругу көрбөккүн, үстэ силлиигин, тыл этэҕин.
- Сылгы чыычааҕа куһаҕан биттээх, батыһыннарар.
- Кукаакы иннигэр-кэннигэр, суол икки өттүгэр көтөрө куһаҕаҥҥа.
- Кэҕэ сатаан олоруо суох ыалга кэлэн сарайга, баҕанаҕа, хаппыт тииккэ этэрэ – киһи өлүөн-сүтүөн биллэрэр. Куһаҕан биттээх көтөр.
Тыатааҕыны бултуурга харыстар
[уларыт]- Эһэ этин сиэхтэрин иннинэ үстэ суордуу хаһыытыыллар.
- Эһэни бултуу барарга туттар сэптэрин, сааларын аатынан ааттаабаттар.
- Эһэни өлөрдөхтөрүнэ, үстэ суордуу хаһыытаан баран сүлэллэр-астыыллар. Бу эйигин суордар таарыйаллар дииллэр.
- Эһэ маска тыҥыраҕын суолун хаалларбытын үөһээ өттүнэн күрэс былдьаһан бэлиэ хаалларбаккын, ситиһэн эйигин сиир.
- Оҕолоох эһэ оҕотун өлөрдөххүнэ билэн иэстэһэр.
- Эсэһит киһини сирэйин тырыта тыытан, илиитин мукулай оҥорбута баар.
- Эһэни арҕахха өлөрдөхтөрүнэ эдэр киһини киллэрэллэр. Икки аһыытыгар мас кыбытан баран быанан соһон таһаараллар. Эһэ арҕаҕын тэллэҕин көтөҕөн, ыраастаан маска ыйыыллар.
- Эһэкээни мээнэ саҥарбаккын, кини туһунан кэпсэппэккин.
Сүөһү иитиитигэр сыһыаннаах харыстар
[уларыт]- Күһүн сүөһү хотоӨӨо киирэригэр талах минньиги, хотон күрдьэҕин атыллатан киллэрэллэр.
- Саас, күһүн хотон муннуктарыгар, күкүрүгэр хотон иччититтэн көрдөһөн аһатаҕын, кыһыл чоххо сиэл, алаадьы биэрэҕин. ЭтэӨӨэ кыстаатын, сүөһү төннүбэтин диэн.
- Оҕоҕо сүөһү тылын этиһиик буолуо диэн сиэппэттэр. Сүөһү таалын, кулгаах төрдүн, сис этин сиэппэттэр – оҕо итинтикилэрэ ыалдьыа диэн.
- Сүөһү тулаайах быарын сиэппэттэр. Сүһүөҕүн сыатын сиэппэтээр – атаҕа суох буолуо диэн.
- Муҥур түгэҕин холумтаҥҥа ууран биттэнэллэр. Ууланара - үчүгэйгэ, кураанаҕа – куһаҕаҥҥа.
- Ынах уоһаҕыттан муннукка, күкүргэ куталлар.
- Сүөһү төрөөтөҕүнэ үс хонон баран кытыаннаан, чохтоон, алаадьынан сиэл быраҕан хотону аһаталлар.
- Сылгы ыал тиэргэнини араҥаччылыыр.
- Сылгы иһин өҥүрүн кыратык сууйуллар, эмтээх.
- Сылгыны туттаргар хараҕын сабыллар. Айыыһыиа үөһээ дойдуга көрдөһө үстэ тахсар, онон ыксаабакка тутталлар. Урут дьиэҕэ киллэрэн астыыллар эбит.
- Сылгы баһын уҥуоҕун үөһээ кураанах тииккэ ыйыыгын, атыллаабаккын.