Устуоруйа
Устуоруйа — билим салаата.
Биллэрин курдук, билигин устуоруйаны кыайбыт дьон суруйаллар. Ол түмүгэр, кыралар-кыайтарбыттар кырдьыктара туора сотуллуон, суох — баар оҥоһуллуон, кыра — улаатыан, улахан — кыччыан сөп. Мин саныахпар, ханнык баҕарар устуоруйаҕа саамай тиһэх туочуканы дьиҥнээх билим: устуоруйа, тыл үөрэҕэ (лингвистика), этнография уонна генетика — туруораллар. | |
— Зоя Ивановна Иванова, биология билимин дуоктара, Вашингтон университетын (АХШ) Биологияҕа департаменын ДНК-лабораториятын генетик-учуонайа // Альберт Капрынов, "Кыым", Сахалар хантан хааннаах дьоммутуй? 05.11.2013 |
Устуоруйа сууттуо суохтаах, сууттаабакка быһаарыахтаах. Устуоруйа судьуйа буолбатах, устуоруйа албакаат. | |
— Бенедетто Кроче |
Устуоруйа кэпсиэхтээх, дакаастыа суохтаах. | |
— Марк Фабий Квинтилиан |
Устуоруйаны билбэт буолуу ол аата куруук оҕо курдук буолуу. | |
— Марк Туллий Цицерон |
Устуоруйа сүдү суолталаах буолан кинини устуоруктарга эрэ итэҕэйэр сатаммат. | |
— Йан Маклеод |
Устуоруйа туохха да үөрэппэт. Кини билбэттэри буруйдуур эрэ. | |
— Игнатий Лойола |
Устуоруйа хатыланарын сөбүлүүр. | |
— Фукидид |
Устуоруйа — олох уһуйааччыта (олоххо уһуйааччы) | |
— Марк Туллий Цицерон |
Устуоруйа (билимнэртэн) саамай куһаҕан үөрэнээччилэрдээх саамай үчүгэй учуутал. | |
— Индира Ганди |
Устуоруйа диэн өлбүттэр, тыыннаахтар уонна төрүү иликтэр ситимнэрэ. | |
— Эдмунд Берк |
Төһөнөн эргэ аһыы да, оччонон аныгы минньигэс. | |
— Уильям Шекспир |
Кэннин көрүммэт киһи иннин өҥөйбөт. | |
— Эдмунд Берк |
Өбүгэлэри ытыктаабат буолуу диэн сиэрэ суох буолуу бастакы сибикитэ. | |
— А.С. Пушкин Неуважение к предкам есть первый признак безнравственности |
Биһигиттэн аҕыйах улуу киһиэхэ устуоруйа сүгүрүйэр, ол эрээри хас биирдиибит үлэлээн устуоруйаны кыратык да буоллар уларытар кыахтаах... | |
— Роберт Кеннеди |
Ааспыты билбэккэ эрэ аныгы ис дьиҥин уонна кэскил сыалын-соругун билэр сатаммат. | |
— Максим Горькай |