Иһинээҕитигэр көс

Улахан Бүөтүр (Таатта олонхоһута)

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Улахан Бүөтүр, XIX үйэ олоҥхоһута Күттүкүс Мэхээлэ уола Улахан Бүөтүр-Петр Михайлович Слепцов, эмиэ ааспыт үйэҕэ төрөөн-үөскээн олорбута. Кини Баайаҕаҕа аҕатын олоҕор «Кылахы Алааһыгар” кыстыктааҕа, «Чомполообукка» сайылыктааҕа. Эһэтэ Күүркэнньик Хабырылла саҕаттан баайдык, сэниэтик олорбута. Улахан Бүөтүр сааһын ситиитэ, сабаабына олоҥхолообут буолан олоҥхоһут быһыытынан дьоҥҥо-сэргэҕэ соччо-бачча киэҥник сураҕырбатах-садьыгырбатах абаҕата Аһаах Өндөрөй оҕонньортон олоҥхоҕо уһуллубут. Инньэ гынан Улахан Бүөтүр мааныта бэрт буолан, төһө да кистин-саба олоҥхолоотор, сыыйа баайа олоҥхоһут быһыытынан киэҥ сирдэргэ тиийэ биллэн-көстөн барбыта үһү. Олонхолуурун таһынан бэрт элбэх былыргы саха ырыаларын ыллыыра. Кини саамай таптаан ыллыыр олоҥхотунан «Орто дойдуга тура төрөөбүт Оҕо Туранай» эбитэ үһү, Ырыалартан ордук, таптаан «Сайын кэлиитин», «Ыһыах ырыатын», «Бөх чабычаҕын ырыатын», «Оҕонньор ырыатын» уо.д.а. ыллыыр сурахтааҕа диэн истэрим. Улахан Бүөтүр олоҥхотун дойдутун, отун-маһын, сирин-уотун олус уустаан-ураннаан ойуулуура. Этэр тыла имигэһинэн эмиэ аатырара. Қуолаһын эмиэ араастаан уларыта сылдьан ыллыыра. Улахан Бүөтүр 1862 сыллаахха сайын Чурапчы Болугуруттан аатырар Болугур Айыытын уруута кыыһы Анна Дьячковскаяны 80-ча атынан, ураһа туоһа энньэлээх сүгүннэрэн аҕалан, «Чомполообут» сайылыкка улахан урууну тэрийтэрбитэ үһү. Кинилэр Аана, Бүөтүр, Хабырылла, Қиснэнньэ диэн түөрт оҕону төрөтөн, сүһүөхтэригэр туруоран, киһи-хара, ыал оҥортообуттара.Аана кыыс кэлин, сааһын ситинтэ, Устин Фрументьевич Андросов диэн сэниэ киһиэхэ эргэ тахсан, икки кыыһы төрөппүтэ, Натааһа, Өкүлүүнэ диэннэри. Натааһаны кэлин суруйааччы А.И.Софронов убайа Роман Иванович кэргэн ылбыта.Кыра Бүөтүртэн кэлин обургу үөрэхтэммит Миханл, Василий (Отоороптор) төрөөн-үөскээн заспыттара. Иккиэн Павел Ксенофонтов заговорыгар кыттыбыт аатыраннар соҕуруу, хастыы да сыл, Сталин лааҕырдарыгар олорон кэлбиттэрэ. Хабырыллаттан Лидия диэн соҕотох кыыс төрөөн, фельдшер үөрэҕин бүтэрэн, үрүҥ баанда командирыгар Гавриил Леонидович Семеновка эргэ тахса сылдьыбыта. Қини 1978 сыллаахха 85 сааһыгар өлбүтэ. Оттон кыра кыыс Кисиэнньэ Уус-Тааттаҕа Денис Петрович Неустроевка эргэ тахсыбыта. Кинилэртэн саха биллэр суруйааччылара Николай Денисович уонна Анна Денисовна төрөөн-үөскээн, олорон ааспыт- тара. Аана да, Кисиэнньэ да аҕалара Улахан Бүөтүрү ууһаан- нар иккиэн бэртээхэй ырыаһыттар этэ эрээри, сэмэйдэрэ бэрт буолан, дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллибэккэ-көстүбэккэ ньим бааччы олорон ааспыттара диэн сэһэргэһэллэрин истэрим. Улахан Бүөтүр улууһугар биир болдьоххо кулубанан быыбар- дана сылдьыбыта, нэһилиэгэр икки хас болдьоххо кинээстээбитэ. Бэйэтэ уонна оҕолоро Баайаҕаҕа көскө кэлбит политесыльнайдар- тан сурукка-бичиккэ үөрэммитэрэ. Инньэ гынан, кинээстээн оло- рон, нэһилиэгин дьыалатын-куолутун бэйэтэ суруйара, Қини көҕү- лээһининэн Баайаҕаҕа биир бастакынан церковнай-приходской оскуола аһыллыбыта.Баайаҕаҕа баайдар үчүгэй үүнүүлээх сири-уоту, ходуһаны бэйэлэрэ эрэ бас билэн олорбуттарын дьадаҥыларга быһыта анньан бэрдэрэн, улахан айдааны, үҥсүүнү таһаара сылдьыбыта үһү. Улахан Бүөтүр, бэйэтэ төһө да баайдык, сэниэтик олордор, дьадаҥыларга күүс-көмө буолара, оннооҕор үрдүкү сууттарга сир боппуруоһугар үҥсэр дьыалаларын-куолуларын суруйан көмөлө- һөр, үҥсэр үгэстээҕэ. Инньэ гынан нэһилиэгин атын баайдара кинини өлөрдүү абааһы көрөллөрө. Кини Баайаҕа иккис таҥаратын дьиэтин тутуутун Байаҕантай улууһун нэһилиэктэрин баайдарыт- тан кытта сиэртибэ хомуйан, бэйэтэ салайан туттарбыта биллэр.Улахан Бүөтүр сыллаахха баара-суоҕа 57 саастааҕар олоҥхотунан ойуулаабыт, ырыатынан ыпсарбыт күнүн сириттэн арахсыбыта. Қүн айыы сиригэр кылгастык да олорон аастар, бэйэтин өлбөт- сүппэт улуу олоҥхолорунан айыы аймахтарын араҥаччыласпыт, күн улуустарын көмүскэспит, онон сахатын норуотун өлбөт үөстээбит.

  •  

Андросов Е.Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара