Иһинээҕитигэр көс

Уйбаан Онтуонап (Таатта олонхоһута)

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Уйбаан Онтуонап бэйэтин кэмигэр бэрт киэҥник биллэ сылдьыбыта. Қини Тыараһа Дьиэбэгэнэтигэр «Сатаҕай» алааска олорбут. Онно Соппуруон Оҕонньоороптооҕу кытта куруутун дьукаахтаһан олорбут сурах- таахтара.Уйбаан Онтуонап туһунан Тыараһа кырдьаҕастара кэпсииллэ- ринэн олус намылхай, дьахтар куолаһыгар майгылыыр куолас- тааҕа эбитэ үһү. Ол да буоллар этэр, ыллыыр куолаһын, тылын киһи арааран истэр гына олус чуолкайдык этэрэ да, ыллыыра да диэн кэпсииллэр. Олоҥхолуур олоҥхотун сирин дойдутун, отун-маһын, үөһээ, аллараа дойдуларын бухатыырдарын - бары- ларын сиһилии, силигин ситэрэн, уустаан-ураннаан туойара. Дьахтарын ырыатын адьас дьахтар бэйэтэ кэлэн ыллыы турарын курдук үүт-үкчү үтүктэн ыллыыра. Оттон Абааһытын уолун ырыа- тын эмиэ Абааһы бэйэтэ кэлэн ыллаан эрэрин курдук олус итэ- бэтнилээхтик толороро.Кини туһунан билигин Кыйы бөһүөлэгэр олорор кырдьаҕас, Дмитрий Николаевич Сунхалыров бу курдук кэпсиир:Мин төрөппүттэрим Иван Антоновтааҕы кытары саастарын тухары эн-мин дэсиһэн, бииргэ дьукаах олорбуттара. Мин өйдүүр- бүнэн 1936 сыллаахха Тыараһаҕа, Таатта үрэх үрдүгэр «Хар- далыма» диэн сиргэ дьукаах олорбуппут. Қыһын этэ. Дьонум оҕонньор олоҥхоһутун уруккаттан билэр буоланнар, биир киэһээ көрдөһүү-хаайыы бөҕөнөн, дьэ ээх дэтэн, сөбүлэһиннэрэн олоҥ- холоппуттара. Таспытыгар олорор ыалларбыт Белиннэр бука бары, оҕолуун-уруулуун көһөн киирэн оҕонньорбут олоҥхотун истибиттэрэ. Оччолорго мии үһүс кылааска үөрэнэрим. Обонньор- бут түүн үөһэ быдан ааһыар диэри тохтоло суох олоҥхолоон дьүрүһүттэ, Мин урут олоҥхо диэни адьас истэ илик буолам- мын, оҕонньор куолаһын араастаан уларыта сылдьан ыллыырын сэҥээрэммин адьас аралдьыйбакка олорон истибитим. Оҕонньор олоҥхото саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри уу-чуумпу этз. Арай дөрүн-дөрүн уот оттооччу туран, оһох оhоххо хардаҕас маһы эбэн биэрэр тыаһа иһиллэрэ. Оҕонньорбут олоихотун сэҥээрэн сотору- сотору иккилии-үстүү киһи тэҥҥэ: «Ноо-ноо'», диэн этэллэр этэ. Уйбаан Онтуонап ити кэмҥэ сэттэ уонуттан тахсан эрэрэ.Оҕонньорбут олоҥхолоон бүппүтүгэр дьонум: «Оҕонньор куолаһа билигин даҕаны чуора, үчүгэйэ өрүү хаала илик эбит», дэспиттэрин билиҥҥэ диэри умнубаппын.Уйбаан Онтуонап Баһылай уонна Сэмэн диэн нккн турбут уоллааҕа. Семен Иванович оччотооҕу «Күөдүй» колхозка ферма сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Кини 1941 сыллаахха Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ барбыта уонна өлбүт биллэриитэ кэл- битэ. Сэмэн аҕыйах саҥалаах олус сэмэй киһи этэ. Ол да буол- лар биирдэ эмэтэ олонхо куолаһынан ыллаан дьирилэтэрэ, Уйбаан оҕонньор улахан уола Василий Иванович үс уоллааҕа, биир кыыс- тааҕа. Васн Василий дьин чахчы аҕатын туйаҕын хатарбыт киһи этэ Олоҥхоһутунан республикаҕа тиийэ биллибитэ. 1937 сыллаахха Таатта оройуонуттан барыта тоҕус чулуу олоҥхоһут талыллан бараннар, республика атын ааттаахтарын кытта күөн көрсөн, күрэс былдьаһан ыллаабыттарын, олоҥхолообуттарын туһунан киһи үксэ билэр. Василий бу күрэхтэһингэ хайҕанан, патефону- нан бириэмийэлэммитин дуйдаах сылабаарга атастаһан тахсыбы- та үһү. Ол туһунан билигин да Тыараһа үгүс кырдьаҕастара умнубакка, дөрүн-дөрүн да буоллар ахтыһан ааһааччыбыт.Вас Василий Иванович уолаттара былыргы кэмҥэ үөскээбиттэрэ эбитэ буоллар, бука, үһүөн да олоҥхоһут буолуох дьоҕурдаах дьон хааллылар быһыылаах. Мин билэрбинэн Василий орто уола Николай араас оонньууларга абааһы уолун, кыыһын ырыаларын ыллаан ыҥсалыттаҕына, хайдах эрэ эһэтин куолаһын наһаа санатар, Николай убайа Василий Васильевич этэринэн, кини олонхо ырыатын-тойугун олус үчүгэйдик толорон ыллыыр үһү. Онон олонхоһуттарга даҕаны эмиэ туһунан айылҕаттан бэриһиннэрин- лээх аҕа уустара үөскүүллэр эбит, диэн Д.Н.Сунхалыров бэ- йэтин ахтыытын түмүктүүр.Уйбаан уонна Баһылай Онтуонаптар ханнык ваттаах олонхо- лору олонхолообуттарын, хомойуох иһин Р.П.Баппадов кырдьаҕас да, Д.Н.Сунхалыров да кыайан өйдөөн хаалбатахтар.Урут олорон ааспыт Таатта Амматын ытык кырдьаҕастара сэ- һэргииллэринэн, былыыр былыр, кыргыс үйэтин саҕана, билинни Чычымаҕынан хантан эрэ кыһыл оҕолоох дьон куотан, күрэнэн иһэннэр оҕолорун, ыксаан, тыаҕа мас быыһыгар хаалларан барбыттарын, биир оҕото суох Чычымах диэн ааттаах эмээхенн дьахтар булан ылан, оҕолоон, киһи хара оҥорбута үһү. Уол олоҥхо бухатыырыныы бөдөҥ-садан уҥуохтаах, күүстээх-күдэх- Инт тээх, сытыы-хотуу өйдөөх киһи буола улааппыт. Инппит ийэтэ Чычымах эмээхсин онтон үөрэн: «Оҕом Дьулуруйан үөскээбит Ньургун Боотур буоллун», - диэн ааттаабыта үһү. Уол улаатан, ситэн хотон, киэнг сирдэргэ кэскиа тэринэ, туспа дойдуга дьол- соргу көрдөһө диэн ааттаан Арҕаа Хаҥаласка эттанаары турда- ҕына ийэтэ эмээхсин уолугар эрнэн талаҕы оҥорон биэрбит уон- на эппит: «Өскөтүн ол дойду ааттаахтарыттан кыайтараары гын- наххына бу талаххын тустар киһин атаҕын анныгар быраҕаар. оччоҕо тустар киһин тута охтуо, кыайтарыа», диэбит. Уол нйэ- тин сүбэтинэн тустан, ол дойду ат бөҕөстөрүн, кус быһыйда- рын барыларын кыайталаан, кылааннаах кыыс оҕону кэргэн ылан, сылгы, ынах бөҕөнү энньэлэтэн үүрдэрэн аҕалан, сааһын моҥуор диэри Амма Чычымаҕар, тэгил дойдуттан тэҥнээҕин, хол дойдуттан холооннооҕун кытары холоспокко, анардастыы аданыйан олорон өлбүтэ.

  •  

Андросов Е.Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара