Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
Арбита - саха аатырбыт бэйиэтэ, уус-уран тылбаасчыта . Хаайыыга өлбүтэ.
Айымньыларыттан быһа тардыылар[ уларыт ]
Тапталлар дьалхааннаах тылларын
Таайыаххын баҕарар эбиккин,
Төлөннөөх сүрэҕиҥ тыыннарын
Барытын Киниэхэ биэрбиккин.
Тапталыҥ утуйбат хараҕар
Тайҕалар уоттара тыкпыттар...
Көмүстүү күлүмнүүр хайаҕар
Көстүбэт күнүүлэр түспүттэр...
Күнүүлэр күндэлэс мечтаанан
Көҥүлгүн курдаттыы дьайбыттар,
Күүгэннээх уураһыы мичээрин
Күн аайы көөчүктүүр буолбуттар...
Эн бииргэ санааҕын сааратан
Мунчаарар муҥнарга киирбиккин,
Күөгэйэр күннэриҥ маанытын
Барытын бу Бииргэ биэрбиккин.
Билигин, эриэккэс олоххор,
Элбэх тапталы булларгын дьэ —
Эн Муза диэн туйгун Ойоххо
Эрэллээх Эр буолуоҥ баар этэ.
— Арбита , Доҕорбор (ыйыппатах боппуруоскар эппиэт), Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939
Төһөҕө даҕаны, көмүһүөм
Бэйэҕин итэҕэс өйдөөмө
Мин эрэ мөлтөхпүн, мин өлүөм
Сарбыллыам,– диир тылла
Көрдөөмө.
Күөгэйэр күннэргэр сыаналаа
Кэннигэр кэриэскин кээһэргин
Сүүс сылы курдаттыыр аналлаах
Үүнэр күн өйүгэр тиллэргин.
— Сүбэлэр-соргулар, 1940
Манна наһаа дьикти !
Ымыы дьолу туойар,
Биһи курдук икки
Тохтуур сирэ буолар.
— Арбита, Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939
Мин поэт эбиппин,
Дьиктилээх лирикам
Умайар уотунан
Иириэхпин иирбиппин,
Муҥура суох ыраас
Муҥутуур санаабын
Эгэлгэ тылбынан
Этиэхпин эппиппин!
— Арбита , Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939
Салпакка саҥарар
Миигинник мэниги,
Билиэххин даҕаны
Баҕарбат инигин ?
— Арбита , Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939
Тоҕо эрэ,
Тоҕо эрэ хомолтоттон
Тойук бэрдин булбутум,
Мэник тыллары холбооттуохпун
Баҕарталаан барбытым.
— Арбита , Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939
Эн ханна бааргыный,
Тапталым сулуһа,
Мин күнүм чаҕыла,
Мин түүнүм күнүһэ?
— Арбита , Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939
Үрүҥ туман устара,
Үөһэ тахсан уостара...
Эрэй тылын истибэт
Эдэр саастаах этибит...
— Арбита , Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939
Онно таптыыр поэттарбыт
Айбыт кэриэс тойуктарын
Ааҕан баран бэлиэтиирбит
Үрдүк өйдөр күүстэрин. ..
— Арбита , Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939
Сандааран аста,
Санаабын тапта.
Сүрэҕим соһуйда,
Сүрэҕим суруйда:
Уруйдан ! Уруйдан !
Улуу күүс таптал !
— Арбита , Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939
Ол таммах улаатан -улаатан
Сир киинэ буолуон баҕарар,
Оччоҕо дьэ ыырыҥ ыраатар,
Бараммат баҕа барҕарар.
— Арбита, Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939
Таптыыбын оһуордаах ыйдаҥа
Тыла суох имэҥнээх ырыатын,
Сулустан сулуска кыйданар
Сүрэҕим дьиктилээх ыратын.
— Арбита, Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939
Ол үҥэр таҥарам
Түүллээҕэр кырдьык!
Түүннээҕэр хараҥа,
Күннээҕэр сырдык.
— Арбита, Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939
Таптыыбын төрөөбүт уйабын-
Буурҕанан биэбэйдиир биһиги:
Кыйданыы кырыыһын уйабын-
Поэттар манныкпыт биһиги.
— Арбита, Көмүс күрүлгэн. 1939 Дьокуускай
Миигин өргөс күүстээтилэр,
Мииҥин өлбөт үөстээтилэр,
Умнуллубат ааттаатылар,
Умуллубат уоттаатылар-
Сорохтор тапталынан,
Сорохтор өстөрүнэн.
— Арбита, Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939
Мин-
уон аартык силбэһэр суолугар
дорҕоонноох тойугу туойабын,
киэҥ куйаар таас дьапта суругар
мин ааппын суруйан ыытабын.
— Арбита, Көмүс күрүлгэн, Дьокуускай, 1939
Эйэлээх доҕор иннигэр
Истиҥ тылбын эппэтэҕим,
Эрэйдээх сирим иэнигэр
Эбиллээри кэлбэтэҕим.
— Арбита, ..... 21.02.1941. Муҥурданыы. Стр 5.
Манна, манна, манна баар
Бары дойду сонуна. ..
Уонна миигин муҥурдааҥ
Бу биир кыра хоһунан !
— Арбита, .... 9.11.1939, Муҥурданыы. Стр 10.
Өрө көтөн дайан тахсан
Улуу дойду күндү күөҕүн
Эргим -ургум көрө-көрө
Этэ-тыына турбут киһи!
— Арбита, ... 1934. Сааскы күҥҥэ.
Бу дьоллоох тапталы
Суруйар уолдьаста -
Бүгүн биэс тарбаҕым
Бөрүөнү былдьаста.
— Арбита, ... 13.04.1938. Хомолто хотун.
Мин ааһа турабын
Ойуурга, тыаҕа -
Баҕар, мин ырыабын
Ким эмэ таптыаҕа...
— Арбита, 1941. Ааһан иһэн.
Мин хантан ылыамый?
Күүстээҕи кытары
Күөнтэһэр -кырбаһар,
Хатаны кытары
Хатыһар -дьаныһар
Хатыылаах тыллары
Хантан мин ылыамый?!
— Арбита, 1934. Хантан ылыамый
Көҕөрөр халлаан
Көҕүлүн харбаан,
Мэҥийэр холорук
Миҥэтин сайдаан,
Тула көрдө
Сытыы харах,
Туран көттө
Сатыы атах.
— Арбита, 1933. Көттүлэр
Айылҕаҕа маннык биллэр -
Алдьаммыт да сибэккиттэн
Астыныы мүөтүн иһиллэр.
— Арбита
Көрдөөх эриэккэс эдэргин
Күлгэ көмөн кээспэккэ,
Олоҕу ситэн истэргин
Олус да хайгыам этэ!
— Арбита, Сурук. Муҥурданыы.1993. Дьокуускай
Күлүмүрдүүр хараҥаттан
Көстүбэти булаарыбын,
Дьолломмут сорбун кытта
Мичээрдии мунчаарабын.
— Арбита, Муҥурданыы. сир. 73. 1993 Дьокуускай
Если на полях твоих пусто
Если в городах твоих пусто
Если в закромах твоих пусто
Если в ящике твоем пусто
Если в кармане твоем пусто
Если в душе твоей пусто
О чем же ты хочешь петь.
— Арбита, Сахалыыттан нууччалыы подстрочнай тылбаас. Иван Арбита ытылларга уурулларыгар төрүөт буолбут хоһоонноруттан биирдэстэрэ. Муҥурданыы.стр 121. 1993. Дьокуускай
Арбита тылбаастарыттан[ уларыт ]
Көҥүллээх бардам күүс, быраһаай!
Кэриэспин уөрдүм киэҥ ньуургун, көҕөрөр долгунуҥ кырылаан,
Көбүөхтүү, түллэ оонньуургун.
Арахсар тапталлаах доҕорум
Ааттаһар саҥатын курдук
Эн баалыҥ санньыардаах дорҕоонун
Кэриэспин мин истэн турдум.
— Муораҕа. А. Пушкин
Бобуулаах этиҥи туппутун соругар
Умсубут дьоллооҕу ким кэлэн батыһар?
— Суоһааны , Сэттис аан: хоһооннор. Дьокуускай, Бичик, 2014, "Арбита"
Халлаан былыта эмиэ тыллаах.
Арбыыта ону ааҕара
Долгуҥҥа түһэрэн оонньоторо.
Билигин ол сабыылаах.
— Суоһааны , Сэттис аан: хоһооннор. Дьокуускай, Бичик, 2014, С.52
Муҥурдана сылдьаҥҥын
Муунту буолбут да кэмҥэр,
Муҥатыйан быстаҥҥын
Мунар-тэнэр күннэргэр
Аралдьытыах айылаах
Айыы сиргэ, ама дуу,
Айыах-тутуох ааттаахха
Ахсаабыта буолуо дуу?
— Сэргэх Сэмэй , Арбыыта аатыгар, Холлоох суолбар омурҕан, 2018