Иһинээҕитигэр көс

Төрөөбүт дойду абылаҥа (Далан)

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Төрөөбүт дойду абылаҥа - Василий Семёнович Яковлев-Далан суруйбут айымньыта.


  • "Киьи чопчу биир сири таптыахтаах, онтон са5аланар тереебут дойдуга таптал.Тереебут дойду айыл5атын таптааьын, мин санаабар бастакы хардыы. Айыл5а5ын ис-искиттэн себулуур буоллаххына, оннук киьиттэн ийэ дойдуга бэриниилээх патриоту иитэр чэпчэки" (Тереебут дойду абылана,78 сирэй 41 этии)
  • "Тереебут терут буорум, эйигиттэн кэрэ, эйигиттэн учугэй, эйигиттэн быйаннаах ама туох баар буолуой? Эйигин ханнык да таас куораттарга атастаьыам суо5а этэ" (Тереебут дойду абылана,78 сирэй 41 этии)
  • "Киэркэйэ5ин да5аны, дойдум барахсан, ер буолан, ахтан кэллэххэ!" (Тереебут дойду абылана,78 сирэй 16 этии)
  • "Дьиэ таьыгар куех окко танас тэлгээн, киэьээнни серууннэ ырбаахыгын устан олорор, эчи учугэйин! Сыт, олор, кенул куелэьий! На5ылыччы ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ, бу куех истиэнэлии саба неруйэн турар тулатаа5ы тыалартан халыйан кэлэр дьикти серуун ыраас салгыны, дойдум салгынын туеспун толору ыйырбахтыыбын" (Тереебут дойду абылана,78 сирэй 25 этии)
  • "Киьи ордук кырыйда5ын ахсын ордук дойдумсах буолан иьэр эбит" (Тереебут дойду абылана,79 сирэй 52 этии)
  • "Сайынны сарсыарда! Ырыалаах ырыатыгар сепке да ылламмыккын, хоьоонноох хоьоонугар сепке да холбоспуккун! Ча5ылыьар таммахтар мастар быыстарынан тахсан эрэр кун уотугар чемчуук таастыы кулумнэьэллэр. Оо5уй илимэ тииттэн тииккэ тардыллыбыт кемус антенналыы биэтэнниир" (Тереебут дойду абылана,79 сирэй 39 этии)
  • "Тыа салгына серуун, сииктээх. Туеьун иьигэр хойуу суегэйдии мелбейен киирэр, дууьа5ын сарсыардааны чэбдигинэн толорор. Ырыаьыт чыычаахтар хайа-сах уьуктан, куугээн-айдаан бе5ену тутан, соруктаах аханнык мастан-маска ойуоккаьаллар" (Тереебут дойду абылана,79 сирэй 39 этии)
  • "Кун киэьэриитэ ордук киэркэйэр биьиги сайылыкпыт! Уьуктаах тебелеех урдук тииттэр кулуктэрэ сыьыыга оьуу-тоьуу тиистээх улахан эрбии курдук туьэр. Кулуктэн куемчулэтэн, ненуе тыа киирэн эрэр кун уотуттан эбии киэркэйэн кестер. Сыьыы анара - харана, кулук. Анара - сырдык, кулумурдэс. Ферма диэкиттэн дьикти нарын ырыа сайылык урдунэн аьа5ас ньаассын туулуу намыын са5ы аргыый а5ай уруйдуур" (Тереебут дойду абылана,79 сирэй 25 этии)
  • "Туунну серууннэ титирээн кэлэн ампаар урдугэр мо5отой курдук хачыгырайан тахсан, куобах суор5ан анныгар киирэн елбуттуу утуйан хаала5ын. Сарсыарда кун уоттаммытын кэннэ биирдэ тиритэн уьукта5ын. Тыыннаах айыл5а тыыннаах оло5о!" (Тереебут дойду абылана,79 сирэй 36 этии)
  • "Ити кэмнэ айыл5а ото-маьа саьаран, кырдьык да, кемус куьун диэх курдук буолар. Арыы ара5ас хатыннар, тыалар! Хомуллубут, сууммут - тарааммыт ып-ыраас алаастар! Серуун салгын! Киьи сурэхтэнэр, эпчимирэр кэмэ!" (Тереебут дойду абылана,79 сирэй 42 этии)