Тирбэҕэ
Тас көрүҥэ
Тирбэҕэ - тириини синньигэс гына, тирии кытыы өртүттэн тэлэн ылан оҥорбут быа.
Өс хоһоонноро, сомоҕо домох
[уларыт]- Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, иҥиир тараһа уумматынан.
- Ньиччэҕэй тирбэҕэ быстыбат.
Ыстатыйалартан, айымньылартан
[уларыт]- Т. В. Захаров – Чээбий 1868 сыллаахха Боотуруусскай улууска (билиҥҥинэн Амма) Эмис нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата Нооноон Баһылай, ийэтэ – Парасковья. Кинилэр үйэлээх саастарыгар Массаагы диэн алааска бур-буруо таһаарынан инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорбуттар. - Осипова А.А.
- Сэрии ыар кэмнэрин, «инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан» диэбиккэ дылы, бэрт эрэйинэн туораан, Кыайыы буолбутун кэнниттэн, 1946 сыллаахха Ленинградка төннөн кэлбиппит. Урукку дьиэбитигэр олохсуйбуппут. Инникигэ эрэл үөскээн, олохтоохтор санаалара кэлэн, урусхалламмыт куораты өрө тардыы буолбута.
- Николай быраатын уонна балыстарын кытта бэрт эрэйинэн, этэргэ дылы, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, өлбөккө киһи-хара буолбуттара.
- Кыра Байбал, дьадаҥы ыал оҕото, тирбэҕэ быстыбатынан бэрт эрэйи көрөн улааппыта көрөөччүнү итэҕэтэр гына бэлэмнэммит.