Сыҥаах

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Сыҥаах - ыстыырга аналлаах, чөмчөкө уҥуохтарыттан биирдэстэрэ.

  • Хос сыҥаах - кими эрэ өйүүллэрин сөбүлээбэккэ этэллэр
  • Сыҥааххын ылыам (ылан кэбиһиэм) - саныы. Охсуом, кэһэтиэм диэн суолтаҕа туттуллар
  • Сыҥааҕын тыаһат - сыҥаахха оҕус, кырбаа
  • Сыҥааҕа ыпсыбат буолбут - улаханнык тоҥмут.
  • Сыҥааҕын хоҥнор - бэлэх-туһах биэрэн тылга киллэр
  • Сыҥааххын хоҥнор - өр саҥарбакка буолан баран саҥар