Саха киинэтэ
Тас көрүҥэ
Саха киинэтэ - саха дьоно устубут киинэлэрэ.
Саха киинэтин туһунан этиилэр
[уларыт]- Бүгүн киинэ сайдыыта хайа баҕарар норуот, судаарыстыба кыаҕын, сайдыытын көрдөрөр. Саха киинэтэ – М.Е. Николаев каадыры бэлэмнээһиҥҥэ саҕалаабыт бэлиитикэтин саамай табыллыбыт оҕото.
- Оҕолорбут аҕыйах да буоллаллар, талааннарын, кыахтарын күүһүнэн судаарыстыба “субсидията” да суох, өрөспүүбүлүкэҕэ бүтүн киинэ индустриятын тэрийэн таһаарбыттарын сөҕөбүт эрэ. Талаан көҥүлү көрдүүр, мэһэйдээмиэххэ эрэ наада дииллэрэ бу сырыттаҕа. Үөрэхтээбит, ураты идэ биэрбит өрөспүүбүлүкэлэригэр дьиҥнээх махтаныы маннык буолара саарбахтаммат.
- “Голливудка”майгыннатан биһиги киинэбитин “Сахавуд” диэн оонньоон кэриэтэ ааттаабыттара быйыл Москубаҕа Аан дойду киинэтин бэстибээлигэр, дьэ, улаханнык тоҕо тэбэн таҕыста. “Тойон Кыыл” киинэбит бэстибээл гран-притин кыайыылааҕынан ааттаммыт соһуччу дьолуттан устар ууну сомоҕолуур тыллаах-өстөөх “Сахафильм” салайааччыта Д.Шадрин, дэлэҕэ, тылыттан матыар диэри долгуйуо дуо?
- Скептиктээн “киинэ аата “ыраахтааҕы” диэн тыллаах, Путин быыбарын кэннэ кини былааһын бөҕөргөтөөрү биэрэллэрэ сокуоннай” эҥин диэн “бэлиитикэ ыһаарыланар хобордооҕун” араастаан эргитэн-урбатан биэриэххэ сөп. Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн “бэлиитикэ бырапагандыыһа” Никита Михалков олорбута эбитэ буоллар, ити куолуну итэҕэйиэххэ сөбө буолуо.
- Саха киинэтин соһуччу кыайыыта элбэҕи эбээһинэстиир. Чахчытынан эттэххэ, Арассыыйа эрэ буолбакка, аан дойду киинэтигэр өрөбөлүүссүйэ оҥорор сабыытыйа таҕыста. Бастакытынан, урукку өттүгэр маннык бэстибээллэр кыайыылаахтарынан уонунан мөлүйүөн ахсааннаах сайдыылаах омуктар тахсаллара. Иккиһинэн, билиҥҥи киинэ дьиҥнээх оннугар ойууну олох диэн көрдөрөр аралдьытар көргө кубулуйда. Киһи, тыынар тыыннаах барыта айылҕа, Таҥара оҕолоро буолаллара умнуллубута сыыһатын саха киинэтэ санатта. Нуучча эспиэрдэрэ “саха киинэтэ норуоттан тирэхтээх, сахалар киинэлэрин өйөөн түмсэллэр” диэн уот харахха этэллэр. Билигин урукку саха суруйааччыларын ыччат аахпат буолбут, саха тыла үөрэххэ, олоххо кытта көйгөтүллэр буолбут кэмигэр (барыта саха олорор мунньаҕа нууччалыы ыытылларын туох диэххиний) суруйааччы В.Яковлев кэпсээнэ киинэ буолан, норуоппутун аатырта. Ити хайдах эрэ Үрдүк Айыылар “омук буолар уратыгытын харыстааҥ” диэн айдарыылаах илдьит ыыппыттарын курдук кэллэ.
- Киинэбит кыайыытыттан “саха норуотун кыаҕа, талаана көрөөрүҥ да истээриҥ – өссө тыыллан-хабыллан туруо” диэн норуоппутугар итэҕэлбитинэн, норуоппутунан киэн туттарбыт өссө күүһүрэр. 2014 с. кэлэ сылдьыбыт ыалдьыппыт, дойду стратегическай инициативаларын ааҕыныстыбатын “эдэр профессионаллар” салааларын салайааччыта Д.Песков “саха култууратыгар миллиардынан дуоллар көмүллэ сытарын хостоотоххутуна, күрэстэһэр күүскүт арыллан, дойдугут, норуоккут аатырыа” диэн эппитин өрүү санатан суруйааччыбын, этээччибин. Ол кыахпытын арыйыыга киинэбит, чахчы, бастакынан кыһыл көмүс акылааты уурда.
- Саха норуота тылын, култууратын, үгэстэрин, төрүт баайын илдьэ сылдьара тыыннаах ордорун, кэскилин мэктиэтэ. “Тойон Кыыл” киинэ сахалыы тахсыбыта мэһэйдээбэтэ, өссө кыайыыга “эбии очукуо” тэппитэ чахчы. Атын омуктар саха тылын мелодия, айылҕа муусукатын курдук иһиллэр диэччилэр. Мииринэйгэ “Алмаас” КСК үлэһиттэрэ саха киинэтигэр ордук элбэх дьон сөбүлээн сылдьар диэн этэллэрэ итини бигэргэтэр. Өбүгэлэрбит бу тымныы дойдуга айылҕалыын алтыһан үрдүк айыылардыын өйдөһөр таһымҥа чугаһыы сылдьыбыттара эмиэ усках кэпсээн буолбатах. ССРС НА дьиҥнээх чилиэнэ, киһи уонна айылҕа биллибэт ситимнэрин чинчийбит академик В.П. Казначеев саха ойууннарын саамай күүстээхтэр диэн билинэрэ. Оттон ассимиляцияҕа бас бэриннэхпитинэ, тылбытын, омукпутун умуннахпытына – туох кэлиэй, биир үйэ иһинэн тылларын, култуураларын сүтэрэн норуотунан да ааҕыллыбат буолан эрэр бүрээттэр курдук дьылҕаланыахпытын сөп. Тыал буолан сүппүт норуот элбэх.
- - Кыым, 2018, ыам ыйын 3, "Сахавуд - норуот киинэтин кыһата", Владимир Степанов.