Рене Декарт

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Рене Декарт (1596—1650) — Франция бөлүһүөгэ, математига, айылҕаны чинчийээччитэ, өй-санаа туһунан уонна саарбахтааһын туһунан түөрүйэлэргэ үлэлэрдээх. Франция бэлиитигин уола, ийэтэ өлбүтүн кэннэ эбэтэ ииппит. 22 саастааҕар юрист истиэпэнин ылбыта. Ойохтоммотоҕо, ол эрээри кыыстаах этэ. Үйэтин тухары нэһилиэстибэ суотугар бэрт чуумпутук олорбута, 10 сыл Европаны кэрийбитэ, Голландия аармыйатыгар сулуспалаабыта. Оҕо эрдэҕинэ ыарыһах этэ, онон күн ортотугар диэри утуйарын көҥүллүүллэрэ, бу кыдьыгын олоҕун тухары илдьэ сылдьыбыта, ороҥҥо сытан толкуйдуур саамай табыгастаах диирэ.

  •  

Толкуйдуубун ол аата баарбын.

  — Cogito ergo sum (латыынныы)
  •  

Дьиҥи чинчийэр киһи олоҕор саатар биирдэ тугу барытын саарбахтыахтаах

  •  

Киһи аһара өр айаҥҥа сылдьан тиһэҕэр бэйэтин дойдутугар туора киһи буолан хаалар.

  — Lorsqu'on emploie trop de temps à voyager, on devient enfin étranger en son pays. Discours de la méthode, René Descartes, éd. Hachette, 1840, partie 1, p. 13
  •  

Үһүс быраабылам маннык этэ: дьылҕаны кыайыах кэриэтэ бэйэни кыайыахтааххын, аан дойдуну уларытыах кэриэтэ бэйэ баҕаларын уларытыахтааххын, уонна төрдүттэн ыллахха, биһиги бэйэбит санаабытыттан ураты тугу да бас билбэппит диэн санааны итэҕэйэргэ үөрэниэхтээххин.

  — Ma troisième maxime était de tâcher toujours plutôt à me vaincre que la fortune, et à changer mes désirs que l'ordre du monde : et généralement de m'accoutumer à croire qu'il n'y a rien qui soit entièrement en notre pouvoir que nos pensées. Discours de la méthode, René Descartes, éd. Hachette, 1840, partie 3, p. 31