Рамис Латипов
Тас көрүҥэ
Рамис Латипов — «Татар-информ” татаардыы тылынан таһаарыытын эрэдээктэрэ.
Тыл, бэчээт оруола олус улахан. Хаһыаты уонна бэчээт бородууксуйаларын төрүт тылынан ааҕар эрэ буоллахха, төрүт тылбыт тыыннаах халыа, иннин диэки сайдыаҕа. | |
— Рамис Латипов: «Тыл – норуот тэбэр сүрэҕэ…» |
Норуокка саамай сүрүн оруолу тыла ылар. Төһө даҕаны култуурата, сиэрэ-туома, ырыата-тойуга хаалбыт, баар эрээри, онно тыл суох буоллаҕына, ол иэдээҥҥэ тэҥнэһэр, оннук хайдах да буолуо суохтаах. Норуот тэбэр сүрэҕэ тыла буолар. | |
— Рамис Латипов: «Тыл – норуот тэбэр сүрэҕэ…» |
Татаардарга биир эр бэрдэ хайалары, ойуурдары уҥуордаан ыраах айаннаабыт уонна Саха сириттэн күндү тааһы аҕалбыт диэн ис хоһоонноох былыргы остуоруйа баар. Бу биһиги култуурабыт сибээстээҕин, ситимнээҕин көрдөрөр. | |
— Рамис Латипов: «Тыл – норуот тэбэр сүрэҕэ…» |