Иһинээҕитигэр көс

Пушкин Александр Сергеевич

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Пушкин Александр Сергеевич — нуучча улуу бэйиэтэ.

Айымньыларыттан тылбаастар

[уларыт]

Руслан уонна Людмила

[уларыт]
  •  

Муора чаачар хомотугар,
Кыһыл көмүс сыаптаах дуупка:
Түүн-күнүс тула хаамар
Сыап устун дьикти куоска;
Ырыа ыллыыр — уҥа хаамтын,
Остуоруйа — хаҥас барбын.

  — Тылбаасчыт Николай Павлов - Хаҥастай, "Руслан уонна Людмила", Дьокуускай, Бичик, 2014 - 96 с. / Анабыл, 3-4 С.
  •  

Ааспыт эбит, хоһоон кэмэ,
Кэрэ түүл, таптал кэмэ,
Сүрэх айа күүрэр кэмэ!

  — Тылбаасчыт Николай Павлов - Хаҥастай, "Руслан уонна Людмила", Дьокуускай, Бичик, 2014 - 96 с. / Түмүк, 94 С.
  •  

Астыбыт буурҕабыт быстыбыт былыта,
Алаарар халлааммар хараара көтөҥҥүн,
Санааны санньытар күлүгүҥ түстэ,
Сандаарар-күндээрэр күммүтүн сапта.

  — -Тылбаасчыт П.А.Ойуунускай, "Былыт".

"Евгений Онегин"

[уларыт]

"Татьяна Онегиҥҥа суруга"

  •  

Эйиэхэ суруйан эрэбин -
Онтон ордук хайыам этэй?
Кэлэйэргин билэ-билэбин
Кэрэйбэтим. Мөҕөн-этэн
Киэр бырахпаккар эрэнэбин.
Саатар аһынан да миигин
Санаа, сыаналаа инигин.

  — Тылбаасчыт-Макаров Г.И.-Дьуон Дьаҥылы, "Евгений Онегин", "Татьяна Онегиҥҥа суруга".

Пушкин туһунан этиилэр

[уларыт]
  •  

Улуу өрүс таастара
Ууллан-тохтон түстүлэр,
Улуу Пушкин ааттара
Уруйданна диэтилэр.

  П.Н.Тобуруокап