Иһинээҕитигэр көс

Прокрастинация

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
  •  

 Дьон саҥаны оҥорботун сүрүн төрүөтэ — аан бастакыттан муҥутуур үчүгэйдик оҥоро сатыылларыгар сытар. Ити отой иррациональнай, туһата суох, уонна үлэлээбэт. Ол эрээри, дьон үксэ олохторун оннук моҥууллар. Бу «Перфекционизм Синдрома» диэн ааттанар.

  Питер Маквильямс уонна Джон Роджер
  •  

 Бүгүн оҥоһуллуон сөбүн хаһан да сарсыҥҥыга хаалларыма

  Лорд Честерфилд
  •  

 Кэтэһэн олорума. Табыгастаах кэм хаһан да кэлиэ суоҕа

  Наполеон Хилл
  •  

 Саарбахтааһыны дьайыыннан (тугу эрэ гынан) эрэ үүрүөххэ сөп.

  Джон Вольфганг Гете
  •  

 Өлүөххэр диэри ситэриэххин баҕарбаккын эрэ сарсыҥҥыга хааллар. Тугу эрэ оҥоруу — ситиһии күлүүһүн тыла.

  Пабло Пикассо
  •  

 Кыралыы кэрчиккэ араардахха, ханнык да үлэ кыаллыбат курдук көстүө суоҕа.

  Генри Форд
  •  

 Прокрастинация хас биирдии күнэ кутталы элбэтэр — олоҕуҥ кылгыырын, көҥүлүҥ баайылларын, эбэтэр ыраҥ туолбатын.

  Билл Тарп
  •  

 Хойуккуга хаалларыы чэпчэкини ыаратар, ыараханы отой да сатаммат оҥорор.

  Джордж Х. Лоример
  •  

 Сороҕор сыыһа быһаарыыны ылардааҕар хойутуур ордук кутталлаах буолар.

  Гарри А.Хопф