Оҕону күрэтии
Оҕолоругар өлүүлээх ыал, "оҕо турбат ыала", былыр саҥа төрөөбүт оҕону тыыннаах хааллараары хотон түннүгүнэн абааһыттан күрэтэллэр эбит.
Оҕону күрэтии туһунан уус-уран литератураҕа
[уларыт]Сыгынах Сыкынатыныын, төһө да иллээхтик-эйэлээхтик олордоллор, тус олохторо табыллыбатаҕа. Кинилэр оҕоломуттарыттан алтыс эрэ оҕолорун, былыргы үгэһинэн ыалга күрэтэн, тыыннаах хаалларбыттара... | |
— Иннокентий Иванов.Чуумпу Бүлүү |
“Тойон киһиэхэ уол оҕо турбат. Үс кыыстааҕыттан иккитэ ыраах улуус кулубаларын уолаттарыгар эргэ тахсан байан-тайан олороллор. Ылгын кыыһа, сириксэнэ бэрт буолан, сүүрбэччэтин ааһыар диэри эргэ тахсыбакка дьиэтигэр олорор. Кулубалаах сэттэ төгүл уол оҕоломмуттара, олортон алталара уончаларыгар тиийбэккэ араас дьаҥҥа ыалдьаннар таҥаралаабыттара. Сэттис уол оҕото төрөөтүн кытта, хотон кэтэҕириин түннүгүнэн таһааран, кулуба бэйэтинэн ким да билбэтинэн тулаайах Хараанай эмээхсиҥҥэ илдьэн биэрбитэ”. | |
— Иван Гоголев. Хара кыталык |