Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
Ох саа —
|
Кимээн-имээн дойду
Киилэ кииллээх,
Хамаан-имээн дойду
Хатыҥа хатыҥнаах,
Томоон-имээн дойду
Туоһа туостаах,
Өлүү дьирибинэй балыгын
Сиһин үөһэ иҥэрчэлээх
Хаһыылаах хахай кыыл
Таманын иҥиирэ тардыылаах,
Улуу үрэх тоҕойдуу
Түһэ сытарын курдук
Муос дьирибинэй ох саатын
Сулбу таһыйан ылла
|
|
— Бэдьээлэ, Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр. –Дьокуускай: Сайдам, – 448 с., С.142 |
|
Тумаан-имээн дойду туоһа туостаах,
Китиэн-имиэн дойду киилэ кииллээх,
Тиһэх эһэ иэнин иҥиирэ иҥэрсэлээх,
Ньиэрпэ балык сиһин үөһэ киристээх,
Хаалым балык хабаҕа силимнээх,
Ала мандай балык сыата салатыылаах,
Кыыкынай балык хаана кырааскалаах,
Дьаарым балык самыытын тириитэ бүрүөлээх,
Өксөкү кыыл үөһэ уҥуохтаах,
Өлүү модьуй балык бытыга күһэргэннээх,
Көнньүөс үрэх көҥүлүнэн тоҕойдуу охтон түспүтүн курдук
Ньирилиир ньир хаан дьаҥ гынан эстэр саалааҕа үһү.
Тоҕус уолан киһи иигинэн уһааран оҥорбут
Муос одур оноҕостоох эбитэ үһү;
Сэттэ кыыс кытарах дьахтар хатаран оҥорбут
Сардаана кустуктааҕа үһү;
|
|
— Чээбий. Ала Булкун. Якутское олонхо. Образцы народной литературы якутов. Вып. 2. – Якутск, 1994. — 104 с., С. 14 |
|
Илбис иҥпит, оһол олорсубут муос ох саатын былыргы боотурдар кичэллээхтик харыстаан илдьэ сылдьаллара саарбаҕа суох. Биир үчүгэй саа тоҕус атыыр үөрүгэр тэҥнэһэр сыаналаах эбит. Олоҥхоҕо Айыы бухатыыра маннык суоһарыылаах, суостаах-суодаллаах сэбинэн ытарыгар алгыс анаан, эбэтэр сүлүһүннээх тылларынан охторун сүүдэйэн, эккэ эрэ ытарга талаһар эбит.
|
|
— Пахомов Андрей Юрьевич, СИА саайта, "Билим" альманах: Олоҥхоҕо саха туттар тэрилэ: муос ох саа. |