Иһинээҕитигэр көс

Оросин Константин Григорьевич

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Оросин Константин Григорьевич (1858-1903) — Таатта олоҥхоһута.

Қини Таатта биир дуулаҕа баайа, II-с Игидэй нэһилиэгин киһитэ Григорий Григорьевич Оросин түөрт уолаттарыттан биирдэстэрэ этэ. Кини «тэҥкэ тиит мастардаах, тардыы көмүс талахтардаах, ханыылаһан үүнэр хампа күөх солко хатыҥнардаах, талыы-талба хонуулардаах, араҥас арыы далбар алаастардаах» диэн ырыатыгар ыпсарбыт, хоһоонугар холообут, тойугар туойбут, төрөөбүт-үөскээбит төрүт буоруттан силис-мутук тардан, ыллам ырыаһыт, олоҥхоһут буолбут киһи. Баай Оруоһуттар хонуу муҥунан хороҕор муостааҕы хойуннаран, сыһыы муҥунан сыспай сиэллээҕи сырыырҕатан, ат муҥунан алтаны, көлө муҥунан көмүһү, ындыы муҥунанүрүҥ-хара түүлээҕи булан-талан, мунньан бараннар, баара-суоҕа үс эрэ көлүөнэ устата күннээн-күөнэхтээн байан- тайан олорбуттара, Октябрьскай революция үүрээнэ, саҥа былаас сиэртибэтэ буолбуттара, быалыы быстыбыттара, иэримэ дьиэлии эстибиттэрэ. Кинилэр саха атын баттыгастаах. ньүдьү-балай баайдарын курдук, кыраларын-кыамматтарын аҥардастыы атаҕастаан, кэлтэччи көлөһүннээн олорбут сурахтара соччо-бачча иһиллибэт. Хата ол оннугар баай Оpуоһуттар хамначчыттарыныын, нэһилиэктэрин дьонунуун, хас сайын аайытын кэриэтэ, Қулаада «Араҥаһыгар» бука бары бииргэ түмсэн, үөрүү-көтүү, ырыа-тойук ыһыаҕын тэрийэн ыһар биир үтүө үгэстээхтэрэ. Маныаха кинилэр ыраах сирдэртэн тиийэ ыллам ырыаһыттары, чулуу тойуксуттары, омуннаах-төлөннөөх олоҥхоһуттары ыҥыртаан, күөн көрүһүннэрэллэрэ, күрэс былдьаһыннараллара. Ити курдук элбэх сыллар, хонуктар тыаһа- ууһа суох сыыйа- баайа устан, ааһан испиттэрэ. Олор суола- ииһэ суох, мээнэҕэ ааспатахтара. Оруоһуттар да урдустарыттан обургу олоҥхоһуттар, ырыаһыттар сыыйа-баайа иитиллэн, уһаарыллан тахсыталаан барбыттара.

  •  

Андросов Е.Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара