Оонньуулаах Уйбаан
Иван Елисеевич Кулаковскай - Оонньуулаах Уйбаан 11-с Дьохсоҕоҥҥо (Сиэллээх нэhилиэгэ) 1866 сыллаахха «Уучай» диэн сиргэ орто сэниэ ыалга төрөөбутэ. Оонньуулаах оҕо сааhа лаппа ааhан, ойох ылар, кэскил тэринэр кэмэ-кэрдиитэ тирээн кэлиитэ Чөркөөхтөн (111-с Дьохсоҕон) Биэскэлэй кыыhа Дьэбдьиэ диэн Охотиннар кыыстарын кэргэн ылаат, эhэтин, аҕатын саҕаттан дойдутугар, «Амыдай» алааска көнөн тахсыбыта. Онно кыhыннары-сайыннары, ханна да көспөккө, дылы өлүөр олорбута. Оонньуулаах Уйбаан, кэргэнин дьиэтигэр сүгүннэрэн аҕалан, сэргэтин таhыгар тохтотон туран: «Биэскэлэй Бүөтур обургу киhи эрэ буоллар, миигин ыал устун кыайан ыыппакка, кыыhын син ойох биэрэн, сэргэм төрдугэр тупэттэрэн саатта ээ»,— диэн кынна оҕонньор кыыhын иhин наhаа элбэх сулууну, манньаны ылбытыттан абаланан саҥа аллайбыта үhү. Кинилэр соччо уhуна да суох буоллар бэрт эйэ дэмнээх олохторун устатыгар Баhылай, Тэрэпиэн диэн икки уолу, Дьэбдьиэ, Биэрэ диэн икки кыыhы төрөтөн, иитэн, көрөн-харайан, киhи-хара, ыал оҥортообуттара. Оонньуулаах Уйбаан бэйэтин аатын курдук наhаа үтүө-көнө, судургу, эйэҕэс майгылаах-сигилилээх киhи этэ. Кини оҕону кытары оҕо, дьахтары кытары дьахтар курдук, барыларын кытта биир тэҥҥэ сыhыаннаhарын иhин, кинини дьоно-сэргэтэ олус ытыктыыра, сөбулуурэ диэн билиҥҥэ диэри уос номоҕо буолан сыл- дьар. Кини олоҕор «Амыдай» алааска биир сытыары салҕааhыннаах дьиэни, биир саха дьиэтин туттан олорбута.
Андросов Е.Д | |
— [[]] |