Иһинээҕитигэр көс

Ньаллыр Татаринов

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Татаринов Ньаллыр (Таатта олоҥхоһута)

XIX үйэҕэ Ытык Күөлтэн биэс биэрэстэ соҕуруу «Уһун Халдьаайы» илин өртүгэр Татаринов Ньаллыр (Таатта олоҥхоһута) диэн улууканнаах улуу олоҥхоһут ааспыт үйэ бастакы аҥарыгар олорон ааспыта. Кини бэрт элбэх олоҥхону, ырыаны билэрэ, эмиэ дэгиттэр куолаһынан уларыта сылдьан ыллыыра. «Ыҥырҕаннаах Ытык Нуоҕай» ордук киэҥник биллэрэ. Бу олоҥхоҕо Айыы уола Абааһыларга иитиллибитин туһунан олус уустаан - ураннаан ойууланара. Олоҥхо тоҕус түүннээх күн устата тохтообокко ылланар, ол аата солоххо дылы ылланар улууканнаах олоҥхонон ааттаммыта . Олоҥхоһут олоҥхону тохсус олоххо диэри дабатан толорорун бэрт аҕыйах киһи тулуйан истэрэ үһү. Ол курдук олоҥхо наһаа дьулаан, кырыыстаныыс булкаастаах, өй мэйдээх уйулҕата көтөр, сүрэ-кута тостор, үлүгэрдии күүһүрэр-күүркэйэр тыллаах - өстөөх буолара диэн кэпсииллэрэ.

Ньаллыр туһунан этиилэр

[уларыт]
  •  

Андросов Е.Д

  — [[]]

== Литэрэтиирэ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара