Никииппэр Сэмиэнэп
Никииппэр Сэмиэнэп — ырыаһыт, ырыа айааччы.
Кини туһунан
[уларыт]- Никииппэр Сэмэнэп диэн дьикти киһи этэ. Ис диссипилиинэлээҕэ, сүрдээх бэрээдэктээҕэ. Барытын чааһыттан чааһыгар тиийэ тутуһар, хойутууру сөбүлээбэт, ыллаан бардаҕына бирээмэ киһи кута көтөр, тахсан да барыах курдук этэ. Биирдэ Москваҕа “Орленок” диэн кэнсиэрдиир саалаҕа тиийдибит. Онно “Автограф” бөлөх, Юрий Шевчук аппаратурата турар. Никииппэр уҥуоҕунан намыһах, кыра. Сыанаҕа тахсыбытыгар: “А, ну, говори”, - диэбиттэр. Бачча кыра киһи тугу гынар эбит диэн тургутан көрдөхтөрө, сэнээтэхтэрэ дии. Ону киһилэрэ тахсан “Нууччалар, дорооболоруҥ” диэтин кытта, аппаратуралара барыта хайа баран, умайан хаалбыт. Оннук модун, иччилээх куоластаах этэ. Никииппэр диэн айылҕаттан бэриллибит талааннаах киһи буоллаҕа. | |
— “Чолбон” бөлөх тутаах киһитэ Александр Ильин ахтыытыттан |