Монастырев Владимир Дмитриевич
Монастырев Владимир Дмитриевич - тыл билимин хандьыдаата, ГЧИ тылдьыты оҥорор бөлөҕүн салайааччыта.
Улахан, 15 туомнаах тылдьыт саха тылын баайын төһө кыалларынан толорутук, норуот олоҕун-дьаһаҕын, култууратын, устуоруйатын киэҥник көрдөрөргө анаммыт тылдьыт. Ону тэҥэ литэрэтиирэ тылын сүрүннүүргэ, тылы билим өттүттэн көрүүгэ эмиэ олус киэҥ ис хоһоонноох. | |
— Тылдьыт бүттэ! Кыым, 2018 с. мууус устар 5 күнэ, 13№, с.15 |
Улахан Быһаарыылаах тылдьыкка быһа холоон, 90-тан тахса тыһыынча тыл киирдэ. Хас биирдии туом 500-тэн 600-кэ тиийэ сирэйдээх. Хас биирдии туомҥа 4-5-тии тыһыынча тыл уонна сомоҕо домох киирдэ. Туомнарбытын көрдөххө саха тылыгар саамай элбэх тыл "К" буукубаттан саҕалан. Ол курдук, аҥаардас "К" буукубаҕа төрдүс, бэһис туомнары анаатыбыт, барыта 10 тыһыынча тыллаах уонна сомоҕо домохтоох. Салгыы аҕыстыы тыһыынча тыллаах, "Т" уонна "С" буукубалар кэлэллэр, онтон "Б" - сэттэ тыһыынча тыллаах, онтон атын буукубалар ортотунан 4 тыһыынчалыы тыллаахтар. | |
— Тылдьыт бүттэ! Кыым, 2018 с. мууус устар 5 күнэ, 13№, с.15 |