Иһинээҕитигэр көс

Миинэ уола Дьөгүөсэ

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Миинэ уола Дьөгүөсэ (Таатта олоҥхоһута) Миинэ уола Дьөгүөсэ (1855—1934 сс). Кини олорон ааспыта олоҕун кэмэ Көстөкүүн Оpyohуну кытары бииргэ алтыҺан ааспыта. Кини Дьүлэй наҺилиэгэр «Таалалаах» уонна «Көлүйэ Сайылык» диэн сирдэргэ олорбута. Миинэ уола Дьөгүөсэ олоҥхолуурун, ыллыырын-туойарын таҺынан ahapa элбэх былыргы сэҺэннэри, номохтору, уҺуйээннэри билэрэ. Кырдьан баран олоҥхолуурун тосту бырахпыта. Араас нуучча да, саха да остуоруйаларын эмиэ нahaa элбэҕи билэр эбит. Холобур, «Тумаал куораттаах Турнуой ыраахтааҕы уола сурук билиэттээх Суут Сиилинэй», «Аар Тумаар ыраахтааҕы аҕалаах, Хахай Мииссэр эмээхсин ийэлээх, Кэрэкэмиит Таарабыс эдьиийдээх, Сэкириэтэм Суөдэрэбинэ сиэстэрэлээх Аар Таарабыс бухатыыр» диэн курдук, уонна онтон да атын остуоруйалары остуоруйалыыра. Кини остуоруйалара көннөру тылынан буолбакка, уус-уран тылынан, элбэх эпитеттэри, тэҥнэбиллэри, гиперболары туттан кэпсэнэллэрэ. Холобур, «Уот cyohун курдук суостаах, кун килбиэнин курдук килбиэннээх Уруҥ ыраахтааҕы олорбута үhү» диэн. Нуучча былиналарын, Илья Муромец, Добрыня Никитич, Алеша Попович тустарынан эмиэ кэпсиирэ. Нуучча да литературатыттан элбэҕи билэрэ. Оннооҕор А.К.Толстой «Князь Серебряный» диэн романын, Наполеон Бонапарт тустарынан эмиэ элбэҕи кэпсиирэ. Петр Первэй, Суворов, Кутузов, Скобелев генерал тустарынан дириҥник билэрэ. Бу ончу «а» да буукубаны билбэт уөрэҕэ суох саха киҺитигэр сөҕүмэр билии-көрүү.

  •  

Андросов Е.Д.

  — [[]]