Мария Николаевна Ионова-Андросова
Мария Николаевна Ионова-Андросова (Таатта олонхоһута) туһунан кэлин сылларга төһө да элбэхтик сурулуннар, кини Таатта дьахталларыттан биир бастыҥ олоҥхоһут буоларын быһыытынан аҕыйах тылынан хайаан да ахтан-санаан ааһар иэстээхпит. Қини 11-с Игидэйгэ «Ити- мээйи» алааска 1866 сыл диэки Петровтар диэн быстар дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Төрөппүттэрэ кыыс кыра саастааҕар оспа ыарыыга быстыбыттар. Онон чороҥ тулаайах хаалбыт Маайа кыыһы абаҕата Күүгэс Ньукулай (Николай Петрович Петров) кэргэнинээн Степанида Яковлевналыын иитэн-аһатан улаатыннарбыттара. Мария Николаевна сааһын ситиитэ, аһыыр, иитиллэр кыһалҕат- тан Уолба баайа Симон Васильевич Слепцов акаары уолугар эргэ тахсарга күһэллибитэ. Кэргэнинээн балтараа эрэ сыл бииргэ олор- буттара. Кэргэнэ эмискэ ыалдьан өлөрүн кытта, тойоно Уолба баайа кийиитин Марияны аны Уолба иккис улуу баайа Гаврил Афанасьевич Андросов акаары сиэнигэр сыыттаан эргэ биэрбит. Иккис кэргэнинээн икки сылы кыайбат кэм устата бииргэ олор- буттарын кэннэ кэргэнэ хам туттаран өлөн хаалбыт. Онон Мария Николаевна Слепцова Андросова диэн араспаанньаламмыта. Мария ити курдук Уолба баайдарыгар кийиит буолан олорон, хамначчыт кэриэтэ сылдьыбыта, баайдар туох баар үлэлэрин барытын үлэлээбитэ. Оннооҕор сайынын ыраах айаҥҥа ындыы көтөхсөн тахсыһара.Мария Николаевна икки эрэ иккиэн өлбүттэрин кэннэ, кини айылҕаттан сөҕүмэр талааннаах олоҥхоһут, ырыаһыт идэлээҕин билэн, политссыльнай В.М.Ионов кэргэн ылан, кэлин сыылкатын болдьоҕо бүтүүтэ Санкт-Петербург куоракка илдьэ барбыта, кинилэр хас да оҕоломмуттара. Олортон Ольга Всеволодовна Ионова биллэр ученай буолбута. Қини ийэтэ төрөөбүт-үөскээбит Саха- тын сиригэр кэлэн, сэрии сылларын арыый инниттэн саҕалаан балайда элбэх научнай үлэлэри суруйан барбытын туһунан билигин ким барыта билэр.М.Н.Ионова-Андросова «Қүл-күл оҕонньор уонна Силлирикээн эмээхсин» диэн толору уонна сэттэ ситэтэ суох олоҥхолорун суруйтарбыта. Қини Иван Николаевич Оросин, Евдокия Қонстантиновна Оросина, Роман Александров курдук саха уус-уран айым- ньытын бары жанрдарын хабан, элбэх баай матырыйаалы хомуйан, Э.К.Пекарскайга биэрбитэ биллэр.Хабаровскай кыраай уонна Амурскай уобалас аҕыйах ахсааннаах норуоттарын олохторун-дьаһахтарын, культураларын, ойуун- нааһыннарын чинчийэн үөрэппит аатырар этнограф, профессор Лев Яковлевич Штернберг 1926 сыллаахха Ленинградка М.Н. Ионова-Андросованы көрсөн, кэпсэтэн баран, бу курдук суруйбута: «М.Н.Ионова (Андросова) интеллигентная 67-летняя якутка, проведшая большую часть своей жизни среди своего народа и интимна знакомая со всеми сторонами жизни якутов в течении многих лет она была информатором своего мужа, известного якутолога B. И.Ионова. Ее показания, написанные ею на якутском языке, переведены по-русски, любезно предоставлены для меня составителем якутского словаря Э.К.Пекарским».М.Н.Ионова-Андросова олорбут сытыары, нууччалыы тутуулаах сайылык дьиэтэ «Итимээйиттэн» көһөрүллэн, Чөркөөхтөөҕү политесылка мемориальнай музейыгар көрүүгэ турар. Мария Николаевна бэйэтэ сэрии сылларыгар Казахстаҥҥа эвакуацияҕа олорон, 1944 сыллаахха өлбүт сурахтааҕа.
Андросов Е.Д. | |
— [[]] |
== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара