Макаарап Бабыат (Таатта олонхоһута)
Макаарап Бабыат
Кини сүрэхтэммит аата Макаров Петр Иванович диэн эбит, ааспыт үйэ ортотугар «Дьэрбэҥ» диэн сиргэ олорон ааспыта. Қини уонунан ахсааннаах олоҥхону, ырыаны, чабырҕаҕы дэгиттэр билэрэ, ыллыыра. Олортон биһиги билигин «Ньургун Боотур». «Ойуун тойуга» уонна «Улуутуйар Улуу Куданса» диэн олон- холорун ааттарын эрэ билэбит. Қини «Ойуун тойуга» диэн олус дирин ие хоһоонноох философскай айымньытын Өксекүлээх Өлөксөй уларытан, ойуун тойугар кубулутан, хаһан да хаалбат, олбөт-сүпнэт «Ойуун түүлэ» диэн улуу шйымньытын суруйбута, Оттон Бабыат Макаров «Улуутуйар Улуу Куд Куданта» олонхото эмиэ биир туспа улуу философскай айымныы буоларын улуу убайбыт Ойуунускай бэлиэтни көрен үйэтиппитин, билигин саха саҥалаах барыта билэрэ буолуо дин саныыбын,Hо Норуокка Бабыат Макаров улуу олонхоһут буоларын туоһулуур биир маннык үһүйээн уос номоҕо буолан сылдьар:«Биирдэ саас, биир бэрт ылаа күн, Бабыат Макаров кыстыгар «Дьэрбэҥҥэ» олорон, оҕуһунан от тиэйэ барбыт. Отун тиэйэн бү- тэрэн, оҕуһун миинэн, дьиэтин диэки айаннаан иһэн саҥа таһааран «Ойуун тойуга» олонхотун ыллыы испит. Эмискэ тус хотуттан бэргэһэ саҕа ыас хара былыт супту ойон тахсан, кини үрдүгэр кэлэн тохтуурун кытта, бэрт нар, нүһэр куоластаах киһи тэҥҥэ ылласпытынан барбыт. Онуоха Бабыат абааһы уола Былыт кыыһа буолан кубулунан ыллаһар сураҕын эрдэттэн истэр буолан, этин сааһа эбии аһыллан, харса суох ыллыы-туойа испит. Аан дойду араас сирин-дойдугун, ымпыгын-чымпыгын, күрүлэс сүүрүктээх таас үрэхтэрин, улуу өрүстэрин, айгыр-силик айылҕалаах агаат- муҥаат алаастарын, талба-талыы хонууларын, эркэнэ хара тыатын хамныыр харамайын, кыылын-сүнлүн барытын, тылбыйар кынаттаахтан биири да о ордорбокко туойан ыллаабыт да, Былыт кыыһа биир да тылы энчирэппэккэ тэнигэ үтүктэн, ыллаһан испит. Ит Ити икки ардыгар Бабыат дьиэтигэр тиийэн кэабит, оҕуһун ыллыырын токтоппокко эрэ, кыбыыны буллараат да, дьиэтигэр киирэн салгыы ыллыы олорбут, Сонно да Былыт кыыһа ыллаһарын тохтоппотох, Онтон ыксаан Бабыат ынах сүөһүнү кутуругун унуоҕуттан саҕалаан хоолдьугун, куонньаарын уҥуоҕун ааҕан субуруппут: «Булдьур-кулдьурук кутурук уҥуоҕа, халдьыр-халдьырык хаалдьык уҥуоҕа, кутурук унуоҕун иһинэн хаалдьык уҥуо- ҕа, хаалдьык уҥуоҕун иһинэн кутурук унуоҕа», диэн түргэн- түргэнник этэн лабыгыраплытыгар Былыт кыыһа: «Улуу күтүр туох-туох диирий?» диэбитигэр, Бабыат Макаров: «Уруй! Кыай- дым!» - диэт, уна илинтин өрө уунарын кытары Былыт кыыһа ылласпакка тохтоон хаалбыта үһү. Онтон ыла Таатта биллэр олонхоһуттарын ортотугар: «Хайа, доҕоор, сэрэнэн ыллаа, олонхолоо эрэ, били Дьүлэй аатырар Бабыат Макарабын кытары Былыт кыыһа ылласпытын курдук ыллаһа сылдьаарай». - диэн сэрэтэр, элэктиир өс хоһооно үөдүйэ сылдьыбытын, хам-түм да буоллар, оҕонньоттор сэһэннэриттэн истэр этим. Билигин да Дьүлэй ытык кырдьаҕастара Бабыат Макаров үтүө аатын-суолун бэрт дириҥ ытыктабылынан ахтыһан, санаһан ааһаллар уонна кини аатынан киэн туттуохтарын тутталлар. Ааспыт олохторун үтүө үгэстэрин ыччаттарыгар иҥэрэ сатыыллар.
Андросов Е.Д. | |
— [[]] |
== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара