Иһинээҕитигэр көс

Лыткина Анастасия Петровна

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Лыткина Анастасия Петровна — саха аатырбыт ырыаһыта, саха ырыаһыт дьахталларыттан бастакыннан консерваторияны бүтэрбит киһи.

Кини туһунан

[уларыт]
  •  

Анастасия уонна Ирина маанылара диэн, бу күлсэллэрэ элбэҕэ, хатана, минньигэһэ киһи эрэ мух-мах барыах курдук... Анастасия Петровна муус-маҥан ырбаахылаах, эмиэ маҥан түүпүлэлээх, дьиҥнээх саха Туйаарыма куота эбэтэр "Хотугу сибэкки" диэн Г. Григорян опереттатыттан тахсан кэлбит Татыйык, "Лоокуут уонна Ньургуһун" операттан туллан түспүт Ньургуһун илэ бэйэтинэн курдук. Дьэ иккиэн саамай күннээн сылдьар саастара, саха кыргыттарын кылааннаахтара, саха норуотун киэн туттуулара. Кинилэртэн кыбыстарым, салларым диэн сүрдээх. Туой уолаттарым кэннилэригэр түһэ сылдьабын. Ол эрээрикинилэртэн кэлэр салгын бу сылааһын, сымнаҕаһын, ичигэһин, киһи туймаарыах курдук, дьэ күлүмнэһэн түһэн кыргыттар да кыргыттар...

  Босиков Василий Афанасьевич, "Анастасия", Сахаада, кулун тутар 6, 1997
  •  

...Концерт бүтүүтүгэр легендарнай Сальчак Тока сценаҕа тахсан Анастасияны илиититтэн ылан инники күөҥҥэ таһааран баран "Анастасия Лыткина саха күөрэгэйэ, саха норуотун килбиэннээх кыыһа, алмаастан ордук сыаналаах саха норуотун баайа" диэбитин биһиги бары үөрэ истибиппит...

  Босиков Василий Афанасьевич, "Анастасия", Сахаада, кулун тутар 6, 1997 (1968 с. Тува өрөспүүбүлүкэтигэр САССР култууратын уонна ускуустубатын күннэрин туһунан)
  •  

...Анастасия театр улахан гастролларыгар ханна да барбытын иһин түргэнник көстөр-биллэр балаһыанньаны ылара. 1961 с. Бурятия республикатыгар Саха республикатын делегациятын састаабыгар сылдьан бурят норуотун тапталын, сүгүрүүйүүтүн ылбыта. "Ырыаларын бурят радиотыгар элбэхтик суруйтаран хаалларбыта, бэрт чаастатык биэрэллэр," — диэн Бурятия култууратын диэйэтэллэрэ кэпсииллэрин истэрим.

  Босиков Василий Афанасьевич, "Анастасия", Сахаада, кулун тутар 6, 1997 (ахтыыттан)
  •  

Тутта-хапта сылдьара кэрэтэ, ордук сыанаҕа тахсара — устан иһэр кубаны санатара.

  — М. Николаева, СӨ үтүөлээх артыыһа "Айылҕаттан айдарыылаах артистка этэ" // Кэрэҕэр сүгүрүйэ, долгуйа. 1998, 53 с.
  •  

Онно көрбүтүм — хантан эрэ, олоҥхо дуу, остуоруйа дуу дойдутуттан мунан, ааһан иһэн алҕас түспүт кыырай халлаан маанылаах көтөрө кыталык барахсаны санатар көрүөхтэн дьикти, кэрэ, олус мааны, маҥан, кыраһыабай бэйэлээх дьахтар көбүс-көнөтүк туттан, сиртэн-буортан тэйбиттии чэпчжки-чэпчэкитик дугуммахтаан, проспект устун хааман кынталдьыйа турбута.

  Өркөннөөх Өлөксөөс, Дьиҥнээх Туйаарыма Куо кини этэ. // Кэрэҕэр сүгүрүйэ, долгуйа, 1998. С. 75-86
  •  

Дьэрэкээн толбонунан суһумнуур
Дьикти кустугу көрөбүн.
Отут сыл тухары одуулуубун:
Уонна онтон олус сөҕөбүн.

Хас көрдөүм ахсын ол кустук
Өлбөөдүйэр диэни билбэт курдук.
Дьон сүрэҕин долгутар куоласкын
Кустукка холуубун эбээт, Настаа.

  Леонид Попов, Кустук
  •  

Эн куолаһыҥ күөх алаас
Күөх чараҥын суугуна...
Тоҕо суоҕуй бараммат саас,
Анастасия Петровна?

  Кындыл Уйбаан, А.П. Лыткинаҕа
  •  

Билбэтим
Ол мин оҕо сааһым түүлэ эбитэ дуу
Эбэтэр
Тыа сирин кыараҕас кулуубугар
Кылам гынан ааспыт үөрүү буолуо дуу?
Хайдаҕын да иһин,
Билигин да
Мин харахпар субу баардыы
Көстөн кэлэр уонча сылы курдаттаан
Мин үрүҥ түүллээх олоҕум
Баар-суох бастыҥ булумньута:
Хараҥа күөх халлааҥҥа харбаспыт
Хойуу лабаалаах үрдүк мас аттыгар
Үүт маҥан дьахтар нуоҕайан турара,
Хара долгун суһуоҕун намылытан
Үп-үрүҥ илиилэринэн оргууй далбаатаан
Үтүрүйэр курдуга сиртэн хара санааны, хомолтону...
Бүтүн бэйэтэ сурдук үөрүү буолан
Туналыйар этэ өлгөм күөх ортотугар.
Мин истэ иликпин кыталык ырыатын
Уонна да өссө элбэх истэ, көрө илигим —
Итэҕэйэбин ол барыта миигин күүтэрин.
Билиэҕим сиргэ баар кэрэни барытын,
Ол да кэннэ умнуом суоҕа букатын
Ол үрүҥ санаа курдук ыраас дьүһүннээх
Үүт маҥан дьахтар алыптаах тойугун.

  Варвара Потапова, Ырыа
  •  

Варшава халлааныгар
Кылбаҥныыллар холууптар...
Көрүүй, ол биһи таптыыр
Солисткабыт ыллыыр.

Олус нарын, олус кэрэ
Кыыс ырыа дьиэрэйэр,
Хаардаах Саха сирэ
Санааҕа онно тиийэр.

  — Иван Алексеев, Солистка ыллыыр