Күөх Өндөрөй
Күөх Өндөрөй, Слепцов Андрей Васильевич (эбэтэр Элэмэс Өндөрөй) — Таатта олоҥхоһута.
Бу киһи, архивтан көрдөххө, 1820 сыллаахха төрөөбүт уонна 1892 сыллаахха өлбүт эбит. Кини саха элбэх улуу олоҥхолорун этигэр-хааныгар бигэтик иҥэриммит уонна оло- ҕун бүтүннүүтүн олоҥхоҕо анаан, туора сытар хоту улуустары кытта кэрийэ сылдьан ыллаабыта-туойбута. Кини Ытык Күөлтэн тус арҕаа, 14 биэрэстэлээх сиргэ -«Киһи Төрөөбүт» алаас хотугулуу-арҕаа баһыгар олорбут эбит. Дьиэтин иннигэр туруорбут сэргэтэ билиҥҥэ диэри, хайдах эрэ тулаайахсыйбыт курдук, иҥнэри түһэн турар.Бу киһи 20-тэн тахса олоҥхону, элбэх ырыаны-тойугу билэрэ уонна олортон ыҥырыыттан ыҥырыыга бардаҕына ыллыыра, олоҥхолуура үһү диэн кэпсииллэрэ. Кини киһиттэн таһынан кэрэ куоластаах буолан, куолаһын дэгиттэр уларыта сылдьан ыллыыр үгэстээҕэ үһү, уутугар-хаарыгар киирэн, этэ аһыллан үлүһүйэн ыллаатаҕына кыайан тохтообот адьынаттааҕа диэн кэпсииллэрэ. Оччоҕо кинини олоҥхолоппут ыал нэһинлэ ааттаһан-көрдөһөн тохтотоллоро. Күөх Өндөрөй төһөнөн уһуннук олоҥхолуур да, соччонон күөмэйэ аһыллан, ырааһыран, чөллөрүйэн, илбиһирэн туран ыллыыра. Ол иһин киниттэн ойууттар, оннооҕор удаҕаттар да улаханнык баһыттаран дьаахханаллара эбитэ үһү. Қини элбэх ахсааннаах олоҥхолоруттан дьон ордук сөбүлээн «Дьулуруйар Тойон Туйгуну», «Орто дойдуга тура төрөөбүт Оҕо Тулаайаҕы», Қыыс Қыскыйдаан Баатыры», «Айыы Бэргэни», «Орто дойду уорҕатыгар тура төрөөбүт Тойон Ньургуну» уо. д.а. олонхолотоллоро. Дьэ, ити курдук, Күөх Өндөрөй күндү көмүс күөмэйинэн күн сиригэр көстө төрөөбүт, айыы сиригэр инардастыы аатырбыт Амма үрэх сиринэн, үс үөстээх улуу Өлүөнэ өрүһү уҥуордаан, таас Дьааны хайаларын адаардаах арҕастарын нөҥүөлээн, харылҕан сүүрүктээх Халымаҕа тиийэ иһиллибит. Бу сураҕы-садьыгы барытын истэн-билэн, хас да туора улуустар дуулаҕа баайдара: «Биһиэхэ кэлэн, бука баһаалыста, көмүс күөмэйинэн күндүлээн, ыллаан-туойан бардын», диэн Күөх Өндөрөйү өртүктээх үүтүнэн сүгүн олорпот үгүс илдьит, ынырыы кэмэ суох кэлитэлээбит «Улахан бэриги-туһаҕы, манньаны биэриэхпит», диэн ымсыырпыттар, Күөх Өндөрөй мантан күһэллэн, биирдэ саас, бэс олотун саҕана, Үөһээ Халыма баайа ынырбытыгар, кинн илдьиттээбит сирдьит киһитин атыгар олорсон, дьэ ол баайга барсыбыт. Хас да хонукка айаннаан, Үөһээ Халыма баайыгар тиийдэхтэрин киэһэтиттэн ыла саҕалаан, Күөх Өндөрөй тоҕус түүннээх күнү быһа «Орто туруу баран дойду умсулҕаннаах уорҕатыгар тура төрөөбүт Тойон Ньургун» диэн тоҕус олоххо диэри дабайан ылланар улуу олонхотун олонхолообут. Олонхону истэ диэн онтон-мантан киһи-сүөһү бөҕө тоҕуоруспут, Күөх Өндөрөй олонхотун сангардыы саҕалаан, олоҥхо сирин-дойдутун сиһилии ситэрэн-хоторон, уу сүүрүгүнүү түргэн-түргэнинк этэн-тыынан субурута олорон, биирдэ өйдөөн көрбүтэ, киниэхэ адьас уун-утары, хатааһын чолбон курдук сытыы уоттаах харахтаах, саас ортолоох хотун хаан дьахтар кинини тонолуппакка көрөн олорон, олонхо биир да тылын көтүппэккэ сэҥээрэ, дөрүн-дөрүн: «Hоо!» диэн саҥа аллайа олорбута үһү. Дьэ, ити курдук, Күөх Өндөрөй олоҥхолоон бүппүтүн кэннэ, дьиэлээх баай, олоҥхоҕо мустубут дьон баалларына олоҥхоһукка олонхотун иһин кэмэ суох махтаммыт, баһыыбалаабыт уонна: «Дьэ, бу мин бу дойду сие баайа ааттаах киһи бэйэм үйэбэр араас бэйэлээх олоҥхоһуттары, ырыаһыттары иһиттим аҕай ини да, бу эн олонхоҥ курдук улуу олонхону уонна олоҥхоһуту бу аан маннай иһиттим, кырдьык да аатырыаххын аатырар, сураҕырыаххын сураҕырар улуу олоҥхоһут эбиккин», диэн баран, биир бастыҥ миҥэ атын бэлэхтээн ыыппыт. Күөх Өндөрөй нөнүө күнүгэр, били баайтан манньалаппыт атын миинэн, дойдутун диэ- ки айаннаабыт. Үөһээ Халыма баайыттан хонғуннаҕын үһүс күнүгэр били киниэхэ уун-утары олорон олонхотун иһиллээбит дьахтар көрсө түспүт. Онуоха Күөх Өндөрөй хайдах эрэ куйахата ытырбахтаабыт, этин сааһа дьар гына аһылларга дылы гыммытыгар сүрдээҕин ытырыктата санаабыт. Дьахтар тохтуу түһэн, до- рооболоһон, ону-маны кэпсэппэхтээн иһэн: «Бу, дойду киһитэ Өндөрөй Силэпсиэп кырдьык да Одун хаантан оноһуулаах, Дьылҕа хаантан ыйаахтаах, Илбис кыыһа эҥэрдэспит, оһол уола ылласпыт улуу олоҥхоһут эбиккин, онон мингин кытта көрсүбүт бэлиэҕин ыл», - диэн баран, үстэ суордуу хаһыытаат, Күөх Өндөрөй сирэйигэр силин тибиирбитэ Онтон ыла Күөх Өндәрей сирэйэ күөх элэмэс дьүһүннэммит. Ол иһин кинини сороҕор Элэмэс Өндөрөй диэн ааттыыр буолбуттар. Күөх Өндөрөй бу дьахтары көрсөн, сирэйгэ силлэтиэҕиттэн ыла балайда күүскэ, таарымта курдук ыалдьан, хас да хонукка сытан турбут. Кэлин сураһан билбитэ, бу дьахтар Халыма улууһугар аатырбыт ырыаһыт, аптаах, удаҕан дьахтар эбит. Кини Күөх Өндөрөй киһиттэн таһынан ырыаһытын, олоҥхоһутун иһин, ордук санаан, анаан сиэри көрсөн баран, кыайан сиэбэтэх. Улуу олоҥхоһуту ханнык да улуу ойуун, удаҕан кыайан сиэбэт ытык ыйаахтаах үһү. Ол оннугар кинилэр олоҥхоһут кэскилин, оҕотун-уруутун, ыччатын быһар-бобор хара дьайдаах адьынаттаахтар эбит. Инньэ гынан Күөх Өндөрөй оҕото-уруута быстан, чороҥ соҕотох хаалан баран, өлөөхтөөбүтэ үһү.
Андросов Е.Д. | |
— [[]] |
Литэрэтиирэ
[уларыт]Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара