Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
Күөрэгэй – дьырылас ырыалаах сыһыы, хонуу чыычааҕа.
Күөрэгэй туһунан ырыа, хоһоон
[уларыт]
| Күөрэгэй, күөрэгэй!
Үрдүбэр көт, күөрэй.
Эн ырыаҥ дэлэгэй,
Үчүгэй, үчүгэй... |
| |
— Сэмэн Данилов. Талыллыбыт айымньылар. Хоһооннор, поэмалар. II том. Якутскай, 1984. С.30 |
| Дорообо, күөрэгэй,
Тойуксут чыычааҕым,
Куппахтаа сүрэхпин
Төлөннүүр ырыаҕын! |
| |
— Бүөтүр Тобуруокап. Күөрэгэйдиин көрсүһүү. Эрэдэһиннэр. Хоһооннор, ырыалар, поэмалар. Якутскай, 1987. С.203 |
| Күөргэй кэриэтэ
Күндү көмүс күөмэйдээххин,
Сибэкки кэриэтэ
Кэрэ, нарын дьүһүннээххин. |
| |
— Игнатий Слепцов, "Олус да улааппыккын" ырыа |
| Күөмэйдээх күндүтэ
Күөрэгэй чыычааҕым,
Тумустаах туйгуна
Туйаарар далбарым,
Дьурулаан тахсаҥҥын
Дьири, дьири-дьир,
Дьири, дьири-дьир
Дьиримнии көтөҥҥүн,
Дьуру, дьуру-дьур
Дьуру, дьуру-дьур
Дьуру, дьуру
Дьурулуу сылдьаҥҥын,
Дьыры, дьыры-дьыр
Дьири, дьири-дьир,
Дьыры, дьыры, дьыры.
Дьири, дьири,
Дьири-дьир ыллааҥҥын,
Дьырылат, дьырылат. |
| |
— Игнатий Слепцов, "Күөрэгэй" ырыа |