Иһинээҕитигэр көс

Күдэн Уйбаан

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Күдэн Уйбаан (Таатта олоҥхоһута) — Никуянов Дьиэрэннээх үрэбэр «Мэҥэ Баалы» күөл илин баhыгар олорбута. Сайылыга «Илин Хачай» диэн сир. Кинини Э.К.Пекарскай биhирээн туран олоҥхолотор олоҥхоhута эбитэ уhу. Кини хас да олоҥхолордооҕо, олортон «Орто дойдуга тура төрөөбут Оҕо Тулаайах» диэн олоҥхотун бэйэтэ олус сөбулээн олоҥхолуура. Кини ыллыыр куолаhа төhө да соччото суоҕун иhин, олоҥхотун тылын-өйүн ситэрэн, сиэллээн-кутуруктаан имигэстик этэринэн истэр дьонугар наhаа сөбүлэтэрэ. Ырыаны, тойугу да элбэҕи билэрэ. Төhө да ыраах сиринэн ыырданан ыллаабатар, үгүс сирдэринэн үлүhүйэн олоҥхолооботор бэйэтин нэhилиэгин ыалларыгар ымырыыттан ыҥырыыга сылдьан, додо курдук ходьоччу олоҥхолуура үhү. Күдэн Уйбаан 1927 сыллаахха соччо сааhырбакка эрэ 70 сааhыгар сылдьан, олоҥхотун дойдутуттан арахсыбыт.

  •  

Андросов Е. Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара