Кэп туонуу

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
  •  

Сылайыахпар дылы суланным,
Суудайыахпар дылы сууралынным,
Ууллуохпар дылы уйадыйдым,
Ыһыллыахпар дылы ытаатым,
Иэдэйиэхпэр диэри иэнигийдэнним,
Элэйиэхпэр диэри эрэйдэнним...
Иэдэһим устун
Хараҕым уута халыс,
Көмүскэм уута көҥүл...
Өрө сыҥа-сыҥа субурутуу,
Тохтоон ыла ыла тоҕуу...
Иэнэ суох иэдээнтэн
Эт бэйэм элэйдим,
Санаа баттыга кыһалҕаттан
Сыа киһи сылайдым...
Кыбыйан олорон кымньыылыыр
Кылыс кыһалҕаттан
Куота көтөр ыйааҕым
Кырдьык суох эбит!
Кыпчыйан олорор чыпчаххай
Курбуулуу сырбатарыттан
Мүччү туттарар чааһым
Чахчы суох эбит!
Амарах санаабын аһытар,
Аһаах бэйэбин алдьатар
Адьарай тыына айааһаабытыгар
Ама мин буруйум буоллаҕай?!...
Алыс диэн бэринэн,
Эрэй эрэ эҥээрдэнэн,
Сор эрэ суолланан,
Алдьархай аартыгынан
Аас-туор олоҕум
Ааһан эрэр дуу,
Ирбэт тоҥнуу
Чоҥкуйа тоҥон эрэр дуу...
Аанай туонай абабын...
Аата алҕас Айыыһытым
Анараа дайдыттан
Атарахсытан аҕалбыт эбит дуу...
Биитэр эрдэ Иэйэхситим
Битэ билгэтэ тардан
Бэттэх диэки эргилиннэрбит эбит дуу...
Орто дойду оҕуруктаах
Оһуор курдук олоҕун
Оҥхоҕоругар
Ончу чорбойума диэн
Оройдотон олохтуур
Одурууннаах оҥоһуум эбитэ дуу...
Айыы сиригэр анаммакка,
Адьас анараанан
Аттанар айылгылаах
Ыйааҕым-чааһым эбитэ дуу?..

  — Умсулҕан Хотун, бассаап туонатыттан