Иһинээҕитигэр көс

Кылачыыһап (Алексей Николаевич Харлампьев) (Таатта олонхоһута)

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Кылачыыһап (Алексей Николаевич Харлампьев) олоҥхоһут туһунан Тааттаҕа чугас эҥэринэн истибэтэх кырдьаҕас көлүөнэ дьонтон бэрт аҕыйах буолуохтара. Ол эрээри, хомойуох иһин, бу Таатта Эбэ Хотуммут хонноҕор хорҕотон, быттыгар кыбы- тан, уорҕатыгар уган, ырыаһыт дьылҕалаан, олонхоһут оҥорон, сээркээн сэһэнньит гынан ситэрэн-хоторон, кичэйэн-киспэлээн анаан айбыт ытык киһитин туһунан кэпсиирбит кэмчи буолан биэрдэ. Кини туһунан ыксалаһан үөскээбит Суорун Омоллоон убайбыт үчүгэйдик билэрэ-көрөрө бука хаалан эрдэҕэ. Қылачыы- һап бу үйэ сүүрбэһис, отутус сылларыгар уутуйан олоҥхолоон, ыллаан-туойан ааспыт киһи сурахтааҕа. Кини уруккута Ханньас нэһилиэгэр төрөөбүт-үөскээбит киһи. Уһун сирэйдээх, хара бараан дьүһүннээх, кыра уҥуохтаах киһи сурахтааҕа, Хас да олоҥхону билэрэ, ыллыыра диэн буолар. Кини олонхотун сирин-дойдутун, киһитин-сүөһүтүн саас-сааһынан араартаан, дьүһүннээн-бодолоон, ыпсаран-хопсорон этэр хомоҕой, уус-уран тыллаах-өстөөх буо- лан, атын үгүс олоҥхоһуттартан балайда чорбойор олоҥхоһут этэ диэн кэпсииллэр. Оттон Қылачыыһап чабырҕах тылын этэн бардаҕына, киһи кини этэр тылын кыайан өрүһүйэн истибэт гына түргэнник, имигэстик этэрэ үһү, Кини үгүс ахсааннаах олоҥ- холоруттан ордук «Мохтообот Оҕо Модун Хара» диэн үс түүннээх күн тохтообокко толоруллар олоҥхолооҕо. Ыллыыр куолаһа да киһи иһиттэр истэ олоруон курдук үтүө кэрэ этэ диэн кэпсииллэр. Кылачыыһабы кытары саастарын тухары эн-мин дэсиһэн олор- бут дьоннор кыыстара Марфа Егоровна Бытасытова бу курдук кэпсиир: «Алексей Николаевич оҕонньордуун дьукаах кыстван олордохпутуна, киэһээ аайы оннооҕу-маннааҕы бөҕөстөр, кус быһыйдар, арааһынай элбэх абааһылар, иччилэр, айыылар тус- тарынан олус үчүгэйдик ыпсаран-хопсорон, ким барыта болҕо- йон истэр гына кэпсиирэ, Олортон билигин, хомойуох иһин, тугу да өйдөөн хаалбатахпын, кырам бэрт буолан буоллаҕа буолуо». П.А.Ойуунускай: «Қылачыыһан курдук кыладыйан эттэхпинэ», диэн кинини олоҥхоһут быһыытынан ойуччуттан, үрдүктүк сыа- налаан, холобур оҥостон аһарбыттаах. Кылачыыһап үс оҕолом- мута үһүөн эрдэ өлбүттэр, бэйэтэ аҕатынаан Никка Сивцевка хамначчыттаабыттар. Аҕата Ньукулай оҕонньор олус күүстээх киһи эбитэ эрээри, көрсүөтэ бэрт буолан, адьас биллэрбэккэ сыл- дьан өлбүтэ үһү.

  •  

Андросов Е.Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара