Иһинээҕитигэр көс

Куохтаан Ыстапаан (Таатта олонхоһута)

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Өбүгэ уола Куохтаан Ыстапаан (1895 1948 се.) үрүҥ оҕус саҕа өрөгөйө үрдээн, саар булгунньах саҕа саргыта салаллан сырыттаҕына 1937 сыллаахха П.А.Ойуунускай курдук улуу олон- хоһут киһи олонхолотон көрөн баран, хайҕаан, сөбүлээн, «Бэриэт Бэргэн» диэн үс олоххо диэри олонхолонор олонхотун суруттарарыгар сүбэлээбит этэ.Куохтаан Ыстапаан олонхотун тылынөһүн наһаа уустаан- ураинаан, дьүһүннээн-бодолоон этэрин, онуоха этэр тыла ур- чуолкайын, имигэһин, араас куолаһынан хайа талбыт уларыта сылдьан ыллыырын, онуоха ордук Айыы бухатыырын ырыатын олус итэҕэтиилээхтик иһиллэр гына табан ыллыырын үс дойду бары сөхпүт олоҥхоһута сурахтааҕа. Ол оннугар абааһытын кыыһын ырыатын наһаа ыстырыыс, быдьар тылларынан, үөх- сүһүннэрэн ыллатара үһү. ону да дьон наһаа сөбүлээн истэллэрэ. Оннооҕор ону Ойуунускай да оспуордаабатах, уларыт- тарбатах сурахтааҕа Өбүгэ уола Куохтаан Ыстапаан Аана, Байбал, Дьөгүөр диэн үс оҕолооҕо, билигин үһүөн тыыннаахтар. Кинилэртэн улаханмара, билигин Чөркөөххө пенсияҕа олорор Анна Степановна Решетникова аҕатын туһунан бу курдук кэпсиир: Мин аҕам аан бастаан сэттэ саастааҕар, дьонтон кистээн, оҕолору мунньан олонхолообут, Уон икки сааһыттан улахан дьоҥ- но, ыалларга ынырыллан олонхолуур буолбут, Дьэ итинтэн ыла, кини хара өлүөр диэри тиһигин быспакка, ыҥырыыттан ыҥы- рыыга сылдьан олонхолуур, туойар үгэстэммитэ. Аҕам аан бас- таан, уон икки сааһын туолан баран олоҥхолообут ыала Иэхэй- эби дэр эбитэ үһү. Мин адьас ки киһини өйдүөхпүттэн ылата, кыһынын ол-бу оройуоннартан, иэһилиэктэртэн Ааллаах таһаҕа һыгар киирэн да, тахсан да иһэр таһаҕасчыттар ыйдаран кэ- лэн, биһиэхэ хоноллоро уонна түүнү быһа, биир-биэс харчы манньата, төлөбүрэ суох, аҕабын олонхолотон сордууллара. Онуоха аҕам биирдэ батан, аккаастаан кэбиспитин ончу өйдөө- бөппүн. 1937 сыллаахха Охотскай Перевозка «Намыгытта» диэн сиргэ көһөн тахсыбыппыт. Онно аҕам «Кыһыл Алдан» колхозка чилиэнинэн киирэн, оҕустаах атын, үс ынаҕыттан иккн- тин колхозка биэрбитэ, Олус дьаданытык олорбуппут, Алта оҕот- тон үспүт итн дьыл куорга ыалдьан, утуу-субуу өлүтэлээбит- тэрэ. Манна да олордохпутуна аҕабын Ааллаах таһаҕасчыттара сүгүн олордубатахтара, ыйдаран, туораан тахсан, хас түүн аайы кэриэтэ олонхолотоллоро. Сэрии саҕанааҕы сукка адьас хор- гуйан, сирэйбит иһэн бараммыт өрүһүммүппүт. Аҕам олон- холуур дьонугар олоҥхолуон иннинэ: «Этинтин, охсуһууларын эл- бэтэбин дуу, эбэтэр ырыатын-тойугун элбэтэбин дуу?» диэн талларара. Оччоҕо дьон наар этинтин талан, ордорон олонхоло- толлоро. 1937 сыллаахха сайын П.А.Ойуунускай ынырыытынан аҕам Ытык Күөлгэ киирэн, тоҕус олонхоһуту кытта олонхолоон хай- банан, салгыы куоракка киирэн, араас оройуоннартан талыл лан кэлбит 12 олонхоһуту кытта күрэстэһэн олонхолообута. Кинилэртэн сэттэ олонхоһуту радионан олонгхолошпуттар. Бу күрэхтэһиигэ аҕам хайҕанан, иккис миэстэни ылан, 260 сол- куобай арчынан, нистэнэр массыынанан уонна патефонунан наараадаланан тахсыбыта, Тааттаттан куоракка аҕабын кытары Илларион Дмитриевич Давыдов (Сиэллээх), Василий Иванович Антонов (Кыйы) киирэн олонхолоһон, эмиз хайданан, бары би- риэмийэ ылан тахсыбыт сурахтаахтара.1940 сыллаахха Охотскай түөрт кылаастаах оскуолатын директора Егор Артемьевич Большаков көнүллээн, Il-е Алдан (Охотскай) нэһилиэгин киһитэ Дуобатыы уола Гаврил Василь евнч Портнягин учуутал, саас ыһыы үлэтин саҕана, мин аҕам үс түүннээх күн олоҥхолонор «Бэриэт Бэргэн» олонхотун ханна да аралдьыйбакка олорон, биир ыйтан ордук кэм устата су- руйбута, ол олоҥхо 400-тэн тахса страницаҕа суруллубута. Би- лигин ол олоҥхо рукопиһа ТЛИИ архивыгар ууруллан сытар үһү. 1944 сыллаахха Амма Аччыгыйа аҕабар: «Куоракка киирэ сырыт- тын, олонхотун кинигэ оҥорон бэчээттэтэр гына кэпсэттим». - диэн илдьиттээбитин, ийэбит өлөөрү сытар буолан кыайан бар- батаҕа. Мин аҕам «Бэриэт Бэргэн» олонхотун сурукка бичиккэ киллэрээри суруйан сыраласпыт Гаврил Васильевич Портнягин барахсан Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ баран өлөөх- төөбүтэ. Мин аҕам барыта уон биир дуу, уон икки дуу олоҥ- хону билэрэ уонна олонхолуура. Олортон сорохторун ааттара манныктар: «Бэриэт Бэргэн»; «Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө»; «Кыыс Бэргэн»; «Кыыс Куо бухатыыр»; «Ньургун Боотур»; «Үрүҥ Уолан», «Араҕас Буулуур аттаах Алысхан Бэргэн», итин- тэн да атыттар. Балары таһынан аҕам элбэх былыргы ырыалары, тойуктары билэрэ уонна ыллыыра. Ырыаларыттан, тойуктарыттан «Сайын кэлиитнн», «Таатта ырыатын», «Амма ырыатын», «Кэҕэ ырыатын», «Бөх чабычаҕын ырыатын» ыллыырын өйдүүбүн. Ор Ордук «Бөх чабычаҕын ырыатын» араастаан үөрдэн-көтүтэн, ытатан сонотон, уустаан ураннаан ыллыырын киһн эрэ барыта олус кэрэхсээн, сөбүлээн иһиллинрэ. Аһыыр-таҥнар, тыыннаах буолар кыһалҕаҕа кыпчыттаран, аҕабыт 1947 сыллаахха биһигини, үс оҕотун илдьэ Дьабарыкы Хайаҕа тахсан, чох хостуур шахтаҕа остуолба маһын кэрдэ сылдьан, кытаанах үлэттэн, усулуобуйат- тан доруобуйата алдьарыйан, 1949 сыллаахха 53 сааһыгар сор суолламмыта. Онон аҕам үтүөнү эрэ баҕарар ыра санаалаах, истиҥ иэйни илбистээх, алгыстаах ырыаларын-тойуктарын, олон- холорун оҕолоро биһиги утумнаабаккабыт салгыны кытта салгын буолан сайҕаммыттара, синги кытары сиик буолан симэлийбиттэрэ.

  •  

Андросов Е.Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара