Кумалаан II
Тас көрүҥэ
Кумалаан II - өрөбөлүүссүйэ иннинэ: үбэ-аһа быстан уонна үлэни кыайбат буолан, нэһилиэк иитимньитигэр киирбит киһи.
Уус-уран айымньыга
[уларыт]- (Кинээс Хараанай эмээхсиҥҥэ) - Оттон эн... Эн бүгүҥҥүттэн ыла кумалаанныы бараҕын. Нэһилиэк ыалларыгар уончалыы хонуоҥ, айаҕыҥ иһин тугу соруйалларын үлэлиэҥ...
Иван Гоголев. Хара кыталык
- (Михаил) - Сымыйа! Эт эрэ: ким саха кыраларын-дьадаҥыларын умнаһыт-кумалаан оҥортоото? Ким огдооболору, тулаайахтары харахтарын уутунан сууннарда? Эн Егор Егоровиһыҥ! Кини уонна кини курдук баайдар-тойоттор.
- С. Ефремов.Ини-бии
- (Үс Бүөтүр) - Үйэм уһаатаҕына, кумалаан да буоларбыттан куттаммаппын. Нэһилиэк иитиэ-аһатыа.
Болот Боотур. Уһуктуу. 3-с кинигэ. Якутскай, 1987. С. 205
- ... Онтон кинээстэр дьүүллэринэн, төрдүөн түөрт аҥыы кумалааҥҥа тарҕаспыттара.
- Эрилик Эристиин. Хачыгыр.