Конфуций
Конфуций (Кон Фу-Цзы) — былыргы Кытай мындыра, бөлүһүөгэ. Кини үөрэҕэ чуолаан сиэр-майгы, этика, киһи киһилиин сыһыаннаһыыларын тустарынан. Ардыгар ону религияҕа холууллар. Ол эрээри таҥара үөрэҕин, теологияны Конфуций ырыппат.
Кини үрдүкү майгылаах-сигилилээх, гармониялаах уопсастыбаны тутан таһаарарга идея киллэрбитэ. Кини үөрэҕин көмүс сиэрэ маннык буолар: "Атын киһиэхэ бэйэҕэр баҕарбатаххын оҥорума". Конфуций үөрэҕэ дьон-сэргэ быыһыгар киэҥник биһирэнэн судаарыстыба таһымыгар нуорма быһыытынан ылыллыбыта. Ол курдук 20 үйэ кэриҥэ дьон биһирэмигэр сылдьар.
Кини сүбэлэрэ өйдүүргэ олус судургулар, ол да иһин дьону күүскэ көҕүлүүр буолуохтаахтар.
Тохтооботуҥ тухары бытааныҥ улахан буолбатах. |
Олох диэн олус судургу эрээри биһиги ону уустугурда сатыыбыт. |
Сөбүлүүр дьарыккын тал уонна кэлэр олоҕуҥ биир да күнүн үлэлиэҥ суоҕа. |
Туох барыта кэрэлээх эрээри бары ону көрбөттөр. |
Биһиги улуу албаммыт хаһан даҕаны бүдүрүйбэппитигэр сыппат, бүдүрүйдэхпит аайы өрө турарбытыгар сытар. |
Кыайарга дьулуур, ситиһэргэ баҕарыы, ис кыаҕы толору арыйарга дьаныар - бу бааллар киһи уһулуччу буолуутугар аан арыйар күлүүстэр. |
Ханна да бардаргын, туох баар сүрэххинэн бар. |
Чуумпу диэн хаһан да таҥнарбат доҕор. |
Дьиҥнээх билии диэн бэйэҥ төһө маалгыҥҥын билии. |
Иһиттим уонна умуннум. Көрдүм уонна биллим. Оҥордум уонна өйдөөтүм. |
Бэйэҕиттэн туох да үчүгэйэ суох киһилиин хаһан да доҕордоһума. | |
— (Александр Евстегнеев кинигэтиттэн) |
Үөрэхтээх тирэхтээх, тирэхтээх эрэллээх, эрэллээх эйэлээх. | |
— Кэтириинэ Тарабукина нууччалыыттан тылбааһа. Образование рождает уверенность, уверенность рождает надежду, а надежда рождает мир |