Иһинээҕитигэр көс

Килээпир Ньукулай (Таатта олонхоһута)

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Килээпир Ньукулай Таатта олоҥхоһуттара бары сүгүрүйэр, ытыктыыр киһилэрэ этэ. Кини ааспыт үйэ иккис аҥарыгар төрөөн-үөскээн, аатыран-суолуран, олорон ааспыта. Толору аата Қилээпирэп Ньукулай Баһылайабыс. Ытык Күөл илин куулатыгар «Араҥаска» олорбута. Сатала суох элбэх, 40-ча олоҥхону уларыта-тэлэритэ сылдьан толороро. Тиһигин быс- пакка кэриэтэ элбэх ахсааннаах ыҥырыыларга сылдьан ыллыыра. Инньэ гынан бэйэтин кылгас олоҕун бүтүннүүтүн олоҥхоҕо анаабыта. Ардыгар ыраах туәра улуустарга ыҥырыллан олоҥ- холуура. Өрүс илин эҥэринээҕи улуустар улуу олоҥхоһуттарын кытары хаста да күөн-көрсөн, ыллаһан, куруутун кыайыылааҕынан тахсара үһү. Қини Чурапчы Алаҕарыгар олохтоох, эмиэ аар- саарга аатырбыт улуу олоҥхоһуту - Сыҥсый уола Ырыа Охо- нооһойу кытары балайда өр хатыһан олоҥхолоспута биллэр. Сити кэнниттэн кини улууһугар, нэһилиэгэр адьас илэ таҥара сылдьа- рын курдук, аҥардастыы аатырбыта, соҕотохтуу сураҕырбыта. Кини истиэхтэн эриэккэс, хайдах эрэ кыталык кырыымпа курдук кыҥкынас куолаһыгар маарынныыр куоластааҕа үһү. Онту- катын араастаан уларытан-тэлэритэн, үрдэтэн-намтатан, үөрдэн- сонньутан, ытатан-соҥотон ыллаатаҕына, хайа да бэйэлээх киһи сатаан тулуйан истибэтэ үһү диэн кэпсииллэрэ. Кини олоҥхоло- руттан ордук таптаан «Дьулуруйар Тойон Ньургуну», «Эрэй-буруй аргыстаах Эрбэхтэй Бэргэни», «Эрэйдээх-буруйдаах Эр Соҕотоҕу», «Кыыс Кыталыгы» уо. д.а. олоҥхолотоллоро. Арыый сэниэ баай ыалларга кыра бурдукка, арыыга олоҥхолуура уонна онон оҕоло- рун, ойоҕун иитэн олорбута. Олоҥхотун сирин-дойдутун, отун- маһын эмиэ олус уустаан-ураннаан, дьүһүннээн-бодолоон, өҥнөөн- кырааскалаан этэрэ. Этэр тыла-өһө да туох да иҥнигэһэ суох уу сүүрүгүнүү дьурулуччу-кудулуччу буолара. Олоҥхолуу тиийбит ыалыгар бэйэтин 40-ча олоҥхотуттан хайатын толорорун бэйэ- лэригэр талларара. Килээпир Ньукулай 40-ча олоҥхотуттан уончата үстүү түүн- нээх күн тохтообокко олоҥхолоноллоро үһү диэн кэпсииллэр. Олор- тон биирдэстэрэ «Дьурулуйар Тойон Ньургун» олоҥхо. Оттон Хаар маҥан аттаах халлаан уола Хаарылла Мохсоҕол» олоҥхону тоҕус олоххо диэри дабатан олоҥхолуура үһү.Кини кэргэнэ Феврония Григорьевналыын, Мавра уонна Евдокия диэн кыра саастаах кындыа кэрэ кыргыттарыныын олор- дохторуна, 1888 89 сыллар кирбиилэригэр кыһын, аатырар хара оспа ыарыы турбута. Бу Чурапчы, Таатта сүүһүнэн ахсааннаах дьонун сор суоллаабыт хара дьайдаах сүдү ыарыы-өлүү Қилээ- пир Ньукулайы эмиэ тумнубатаҕа. Ол түмүгэр кини, 1889 сыллаах- ха тохсунньу 8 күнүгэр, баара-суоҕа 45 сааһыгар сылдьан, сар- сыарда эрдэ үрүлүйэр үрүҥ тыына быстыбыта. Ити сарсыарда- тыгар, тохсунньу томороон тымныытын аан туманын быыһынан, са- ҥардыы тахсан эрэр күн саһарҕатын толонун туһаайыытынан, Қилээпир олорор сирин үрдүнэн, кыырай маҥан халлаан кырсы- нан туналҕан маҥан дьүһүннээх аарыма улахан хотой кыыл ар- гыый аҕай кырыйа көтө сылдьан, ис-иһиттэн иҥиэттэн, хатан, чаҕаан куолаһынан чаҥыргыы-чаҥыргыы үс төгүл эргийэ элиэ- тээн баран, ыыс-быдаан туман быыһынан, ыар-ынчык ыарыыга ылларбыт киһилии аргыый аҕай кынатынан сапсынан тус илин диэки түһэ турбута үһү диэн Ытык Күөл ыырыгар олорор кыр- дьаҕастар сипсиһэн кэпсэтэллэрин истэрим.Оттон бу хаһан да, ханна да буолбатах дьикти, дьиибэ түбэл- 1эни дьиэтин таһыгар туран көрбүт, Ытык Күөл оччотооҕу олох- тооҕо, Хоҳуолай Бүөтүр уус аҕата Лөгөнтөй Боссокуоп оҕонньор дьиэтигэр төннөн книрэн, сүрдээх баҕайытык өтө тыынан баран; «Оо, доҕоттоор, Қилээпир Ньукулайбыт барахсан, арааһа үрүҥ тыына дьэ быһынна быһыылаах, Үрүҥ Айыы Тойон аһыытын-аба- тын биллэрэн, аарыма улахан, хаар маҥан хотой буолан, бэйэ- тинэн кэлэн ис-иһиттэн саҥа таһааран чыҥырҕаан-чаҥырҕаан, ытаан-соноон барда ээ», - диэн баран, ол күнү быһа оронуттан турбакка сыппыта үһү. Онтон ылата Қилээпир Ньукулайы Одун хаантан оҥоһуулаах, Дьылҕа хаантан ыйаахтаах, Үрүҥ Айыы Тойонтон үүдэһиннээх улуу да олоҥхоһуту айылҕа барахсан айан бараахтаабыт эбит диэн дьэ итэҕэйбиттэрэ үһү. Аҕалара өлбүтүн кэннэ ийэлэрэ Феврония улахан кыыһын дуомун Мавраны Баттаанай Дьаакып уола Быыпсай Уйбааҥҥа (Слепцов), Ытык Күөл соҕуруу өртүгэр «Улахан сайылыкка» олохтоох баайга, илин-атах үлэһитинэн, быһата хамначчытынан биэрэргэ күһэллибитэ. Мавра ситэн-хотон, Орда Большаков диэн киһиэхэ эргэ тахсыбыта. Кини, биирдэ эмэтэ да буоллар, туу- йулуннаҕына, чуҥкуйдаҕына тыынын таһааран дьэгдьийээри дьы- рылас, намыын, сэмэй куолаһынан олус бэркэ ыллыыра-туойа- ра. Олоҥхолообут сураҕа иһиллибэт.Оттон иккис кыыс Дьэбдьиэ Мунньаҥныырап (Никитин) диэн киһиэхэ эргэ тахсыбыта. Хомуска, ыллыы-ыллыы, туохха да сатала суох үчүгэйдик, хомоҕойдук оонньуура үһү. Икки кыыс иккнэн, кэмчи да соҕус буоллар, оҕолонон-урууланан, билигин кинилэр урдустара Ытык Күөлүнэн, Амманан, Кириэс Халдьаайынан бытанан, тарҕанан олороллор. Онон Қилээпир Ньукулай аата-суола, тымыра-сыдьаана эстибэккэ-быстыбакка күн бүгүнүгэр диэри салБанан бара турара биһигини, былыргылыы үтүөнү-кэрэни, кэскил- лээҕи кэрэхсээччилэри, кэрэһэлээччилэри үөрдэр, сэнээрдэр даҕаны.

  •  

Андросов Е.Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара