Категорияны ырытыы:Сомоҕо домох
Тиэмэ эбииДалан "дьылҕам миэнэ" айымньытыгар саха тылын,тулуур туьунан этиитэ.
Төрөбүт тыл ( соҕотохсуйуу) 1.Саха тыла нуучча тылын куустээх сабыдыалынан олон эрэр.Ол биричиинэтэ кинилэр иккиэн тус-туһунан сокуоннаах, тус-туһунан историческай усулуобуйаларга уөскээбит тыллар.Ол Иһин хардарыта хайдах да батыһар кыахтара суох.Араас өйдөбуллэр көннөру терминнэр эрэ быһыыларынан киирэлэр. Нууччатан оннук терминнэр хото киириилэрэ саха тылын тутулун алдьатта, алдьатта да турар.
2.Биир тыллаах нууччалары ылан көр - тыллара -өстөрө ыраһын, санааларын сааһылах этэллэрэ учугэйн!Оттон икки тыллаах саха киһитин киниэхэ тэҥнээн көрдөххө,сатаан санаатын сайа эллэтэ-хайдах эрэ кинилэртэн ой-санаа өттүнэн тэҥэ суох сайдыылаах курдук өйдөбулу хаалларар.
3.Ыкса куһун таҥнайгы колонияҕа тиийэн сахалары көрсөн кэпсэппитим наһаа даҕаны учугей этэ.Ол курдуук тириим тэнийэ кэпсэппиппин билбэппин.Дьиҥнээх сурөҕиҥ-быарыҥ танньыйыыта, дууһаҥ уоскуйуута диэн ол этэ.Мин билигин ону туохха тэҥниэм эбитэй? Тыл барахсан ийэ тыл эккэр -хааҥҥар иҥмит кууһэ!(Төрөбут тыл туһунан этиллиэҕин да этиллибит эбит!)
4. Уонунан сылларга араастаан уөрэтэн такайан миигин итэҕэппит өйддөбуллэрин аҕыйах нэдиэлэ иһигэр ньылбы соппуттара:Саха диэн олус аҕыйах ахсааннаах норуота аһынан тыыннаах олордор,тарбаҕын хатсатыа эрэ кэрэх, чыпчылыйах тугэнэ мэлитэр кыахтаах.(оннук балаһыанньаҕа олорон чолоҥноспут буола-буола)
Тулуур 1.Сэрии кэминээҕи,сэрии кэнниннээҕи хаайыы ынырык,киһи киһиэхэ сатаан кэпсээ бэт ыар усулуобуйатын барытын икки аттаҕа суох саха уолчаана тулуйбут!Киһи бэккиһиэҕэ ол гынан киһилии,сахалыы диэм этэ,быһыытын-тайгыттын сутэрбэтэх этэ.Дьэ кытаанах санаа,дьэ улахан тулуур!
2.Мин санаатын туһэрбэтин ордук соҕөрум.Данил биир кэм мичээрдии сылдьар,наар учугэй өттүн эрэ саҥарар этэ.Кини курутуйарын хоморойун, кини суланарын-кэлэнэрин хаһан даҕаны истибэтэҕим.Эгэ ытыыра-соҥуура диэн кэлиэ дуо?Оттон дьыҥэнэн киниттэн ордук кэрэгэй дьылҕаламмыт киҕи аҕыйах булуо-ытаатаҕына-соҥоотоҕун даҕаны ким боруоктуой?
3.Аччыктааһын баар-мин сурэхпин аспыт суол: олорбут олохпор уон сэттэ сыл аччыктаабытым да алдьас киниэхэ уөрэммэтим.Билигин даҕаны куттанабын урукку сэрии,сут кэмин, хаайыы сыллардар курдук аччыктааһын аны кэлиэҕэ диэн уона кэлбэтин туһугар таҥараттан көрдөҕөбүн.Мин онон ордук Данилы хайдах кини сэрии сылларынааҕы, ол да кэнниттэн хаайыы аһыгар тулуйбутун бэккиһибин.
4.18 саастаах саха уола сэриигэ баран Советскай Союһу таҥнаран биэрбит диэни киһи соччо-бачча итэҕэйбэт суола.Туох диэн таҥнарыан сөбуй?Олөр куттал билиэн бэринэргэ кими баҕарар куһэйиэн соп.Былыр-былыргыттан ханнык баҕар сэрии билиэннэйэ суох буолбатын история кэрэһиллэр.Өлөрсүү курдук ол эмиэ сэрии сокуонун айылгыта.
Сирэйи ырытыытын саҕалаа «Категория:Сомоҕо домох»
На страницах обсуждения люди обсуждают, как улучшить содержимое Биики_Домох. Вы можете использовать эту страницу, чтобы обсудить с другими участниками, какие улучшения внести на страницу «Категория:Сомоҕо домох».