Иһинээҕитигэр көс

Иона Никитич Хабыттин

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Хабыттин Иона Никитич Аҥаат-муҥаат алаастардаах, айгыр-силик айылҕалаах, талыыталба толооннордоох, симээбит курдук сиэдэрэй сирдээх- уоттаах Сиэллээх сирин биир дьоһун-мааны киһитэ Иона Никитич Хабыттин (1890 1959 сс.) бокуонньук туһунан, аҕыйах да тылынан буоллар ахтан санаан ааһыаҕыҥ. Йона Никитич биир дойдулааҕа, кинини кытары өр сылларга эн-мин дэсиһэн, кытыйанан-хамыйаҕынан охсуһан, бииргэ булкуһан олорбут, үлэлээбит Дмитрий Егорович Габышев диэн ытык кырдьаҕас киһи бу курдук кэпснир: -Оо, үөлээннээҕим сыыһа, Иона Никитич барахсан, олус аһаҕас дууһалаах, амарах сүрэхтээх киһи этэ. Кинини кытта бииргэ сылдьар киһи дэбигис чуҥкуйбат, адьас айылҕаттан айыллыбыт улахан артыыс талааннаах киһи арыый эрдэ олорон ааһан, онтуката ситэ сайдыбакка, арыллыбакка эрэ аан дайдытыттан аттаммыта. Қиһи саҥатын адьас үүт-үкчү үтүктэн саҥаран соһуталыыра. Дьарыктанан ыллаабыта, туойбута, олоҥхолообута буоллар бука киэҥник биллэрэ-көстөрө, киһитэ сэмэйэ бэрт буо- лан, хаалбыта. Иона Никитич Сиэллээх туһаайыытынан, Таатта үрэх куулатыгар, «Ньаҥхалаах» диэн алааска үөскээбитэ. Олоҕун устатыгар иккитэ кэргэннэммитэ. Бастакы кэргэниттэн Лөгөнтөй диэн уоллааҕын ааспыт улуу сэрии былдьаабыта.

  •  

Андросов Е.Д.

  — [[]]

==Литэрэтиирэ==Таатта олоҥхоһута,ырыаһытара.