Илларионов Афанасий Петрович
Илларионов Афанасий Петрович — Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай диэйэтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы ыҥырыылаах Ил Түмэнин Бэрэстэбиитэллэр балааталарын бэрэссэдээтэлэ, үтүөлээх судьуйа, бэйиэт, тылбаасчыт.
Эппит тыллара
[уларыт]Уус уран айымньыларыттан быһа тардыылар
[уларыт]Кини туһунан атын дьон этиилэрэ
[уларыт]Билэр дьон, коллегалара Афанасий Петровиһы нууччалыы да, сахалыы да ураты суруксут, бу икки тылы үчүгэйдик, дириҥник билэр уонна сатаан туттар, тылга улахан ирдэбиллээх киһинэн билинэллэр. Кини хоһоонноро, кини лириката эмиэ оннук дириҥ, сөҥ уонна ис иһиттэн ураты намчы, уйаҕас тыыннаахтар, тиийимтиэлэр, тойуктуҥулар. | |
— Иван Макаров, Александр Жирков. Кини үтүө аатынан. Чараҥ вальса. А. Илларионов. — Дьокуускай: Сахаполиграфиздат, 2004. —80 с. |
Үрүҥ күн сырдыгын умсулҕаннаахтык таптыыр А.П.Илларионов хайа да үлэҕэ, төһө да үрдүк дуоһунаска олордор литератураҕа уонна искусствоҕа тардыһыытын хаһан да хаалларбатах, сириэдийэ сытар уоттаах чох курдук син-биир айа-туойа сылдьыбыт эбит. Бүгүн Афанасий Петрович айбыт хоһооннорун дьикти күүһэ, үрүччэ уутунуу ырааһа, иэйиилээҕэ, илбистээҕэ дьикти ырыа дорҕоонунан кутуллан хас биирдиибит сүрэҕин долгутта, санаатын аймаата. | |
— Чурапчытааҕы П.М. Решетников аатынан народнай театр уус-уран салайааччыта Заболоцкая Надежда Михайловна Афанасий Петрович Илларионов аатын үйэтитиигэ аналлаах республикатааҕы айар үлэһиттэр конкурстара аһыллыытыгар 2003 сыл балаҕан ыйын 13 күнүгэр эппит тылыттан. Чурапчы сэлиэнньэтэ. |