Иһинээҕитигэр көс

Зинаида Архипова

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Зинаида Архипова - Амматтан төрүттээх саха бэйиэтэ, суруналыыс, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.

  •  

Эн куйаҕыҥ элээмэтин,
Мин эрэлим ситиитинэн ситимниэҕим,
Муммут куккун сүрэҕим
Сөҕүрүйбэт уотунан сирдиэҕим.

  — Түлүк уум түүллэрэ, Дьокуускай: Түһүлгэ, 2018, с.9
  •  

Хаһан кэлэр сарсыҥҥыга
Хаарыан бэйэҕин хаһаанныҥ?
Күлүм гынар күндү кэмҥин
Хаппахчыларгар хатаатыҥ?

  — Түлүк уум түүллэрэ, Дьокуускай: Түһүлгэ, 2018, с.15
  •  

Орто дойду олоҕун
Үөлэһинэн күрээтим,
Айар илбис уотугар
Саҥа киһи төрөөтүм.

  — Түлүк уум түүллэрэ, Дьокуускай: Түһүлгэ, 2018, с.17
  •  

Атыҥырыы, аймана
Сиринэн сылдьар аналбын
Билинэбин.

  — Түлүк уум түүллэрэ, Дьокуускай: Түһүлгэ, 2018, с.19
  •  

Кэрэдэх үйэм кээнчэтэ
Элэйиэҕин иннинэ,
Кэхтэр кэмим кэҕэтэ
Кэлэҕэйдиэн иннинэ...

  — Түлүк уум түүллэрэ, Дьокуускай: Түһүлгэ, 2018, с.6

Кини уонна айымньыларын туһунан

[уларыт]
  •  

Мин бэлиэтии көрөрбүнэн, Зинаида айар үлэтигэр олус ирдэбиллээх. Ааҕааччы дьүүлүгэр биэрэр хоһоонноро чочуллубут, ситэриллибит буолаллар, онон сылыктаатахха кини тус бэйэтэ кистэнэр суруйуулара элбэх, дэлэй буолуохтарын сөп. Ол иһин эбитэ дуу, Зинаида Архипова бу саҥа кинигэтэ акыйааҥҥа устар улахан айсберг сорҕотун, үөһээ эрэ өттүн эрэ курдук көстөр.

  Харлампьева Наталья Ивановна, edersaas.ru сиртэн: https://edersaas.ru/poet-zinaida-arhipova-sa-a-kinigete/