Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт
Владислав Доллонов - суруналыыс, суруйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Дьокуускайга нууччалыы тахсар "Полярная звезда" сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ.
|
Махтаныаҕыҥ биһиги
Үтүө сааспыт сарыалыгар,
Олохпут сырдык аартыгар
Доҕор-атас буоламмыт
Үгүс күммүт ааспытыгар.
Ааспыт халыҥ дьылларбыт
Дьапталҕа хаардарын хаһыйан,
Хоргус санааны туоратыах,
Өрүү күнү көрсүөх, күҥҥэ үөрүөх!
|
|
— Эрбэһин, Дьокуускай: Бичик, 2014, с.116 |
|
Кырыы сиргэ, атын улуу өрүскэ –
Көрүстүм мин үөрүүлээхтик
Ытык-мааны дьиэ кэргэн
Күндү көмүс ийэтин,
Оттон миэхэ бүтэн хаалбыт
Ыра санаа аргыстаах
Оҕо сааһым доҕорун.
|
|
— Эрбэһин, Дьокуускай: Бичик, 2014, с.115 |
|
Ол биир күн
Хараҕын аһан,
Санаата кыынньан,
Хорсуннук туттан
Биир кыыс кэллэ.
Төрөөбүт күнэ
Ол уол киэнэ.
Санаата дохсун,
Көҥүлэ уһун –
Ол уол кэллэ.
Устудьуон аймах
Сахатын санаан,
Көҥүлүн өйдөөн,
Ол биир күн
Бары кэллэ.
Аарыма былаас
Утары турда,
Ыччаппыт дьолун
Бэскигэ уурда.
Мин сахабын,
Тылым сахалыы,
Өбүгэм кута
Түөспүнэн мөҥөр!
Баар Сахам сирэ,
Баар сахам тыла,
Баар аҕам миэнэ,
Баар уолум миэнэ!
Кыргыс саҕаттан
Кыайтарбат этим,
Бу бэйэм үйэм
Мин дьолуом буолуо!
|
|
— Эрбэһин, Дьокуускай: Бичик, 2014, с.117 |