Иһинээҕитигэр көс

Дмитрий Егорович Габышев (Таатта олонхоһута)

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Дмитрий Егорович Габышев 1906 сыллаахха Сиэллээх (II-с Дьохсоҕон) нэһилиэгэр адьас быстар дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ. Қинини аҕата сэттэ сааһыттан Амма Абаҕатын дуулаҕа баайыгар Семен Николаевнч Дьячковскайга хамначчытынан биэрбит. Инньэ гынан Дмитрий Егорович кыра ньуолдьаҕай сааһыттан былыргы баттыгастаах, ньүдьү-балай харана олох бары ыарахаттарын этинэн-хаанынан билэн улааппыт киһи. Кини оҕо сааһа, төһө да үтүө хараҕын өрө көрбөккө, саба баттанан аастар, үтүөҕэ, кэрэҕэ дьулуһар ыра санаата, баҕата булгуруйбатах эбит, Кыра сылдьан Амма албан аатырбыт, дьоһун сураҕырбыт олоҥхоһут- тарын, ырыаһыттарын нстэ улааппыт буолан, кэлин бэйэтэ ситин- тин хотуутун саҕана, олонхонон балайда дьарыгыран олоҥхолуу сылдьан баран, эрдэ соҕус бырахпыт эбит. «Сир-халлаан икки ардыттан иҥнибэтэх Күөнэ көҕөччөр аттаах күн айыы оҕото Күөкэ Бэргэн», «Қыргыһыылаах үйэҕэ төрөөбүт кыырыктаах үҥкүүлээх, өргөс кылаан үрдүгэр үктэнэн үөскээбит, кылааннаах уһуктаах кыргыһыыга мнинэр кыһыл буулуур аттаах Қыыс Қыскыйдаан», «Ығырбаннаах халлаан уола Ытык Нуоҕай» олоҥхолору олоҥ- холуу сылдьыбытын туһунан ахтар. Дмитрий Егорович «Ыныр- ҕаннаах халлаан уола Ытык Нуоҕай» олоҥхотугар аҕыс баттах- таах атахтаахынай хара былыкка Күн кыыһа Күөгэл Нусха уйдара сылдьан, былыттан быган көрөрүн туһунан олонхолонор, ону орто дойду бухатыыр дьоно Ытык Нуоҕайтан былдьаһан охсу- һаллар үһү диэн быһааран кэпсиир.Дмитрий Егорович бастакы олонхотун кинрин тылын, сирин-дойдутун бу курдук диэн ойуулаан-оһуордаан этэр: «Тоҕус нилээх-саҕалаах томторҕолоох Торуой Сибиир ийэ дойду туналыйан тунааран үөскээбитин тохсус үйэтигэр, аҕыс нилээх-саҕалаах, атааннаах-мөнүөннээх аан ийэ дойду ахсыс үйэтин аннараа өттүгэр, сэттэ иилээх-саҕалаах Сибиир ийэ дойдум сириэдийэ тэнийэн үөскээбитин сэттис үйэтин аннараа өттүгэр, хотугу кунуска, ыалдьар ыпсыыга, быстар быыска баттаатахха маталдьыйбат, үктээтэххэ өҕүллүбэт, кэйиэлээтэххэ кэдэлдьий- бэт киэн Сибиир ийэ дойдуга киһи сүнһү тэнийэн-тэлгэнэн үөскүөн сөп дойдута, кыһына суох самаан сайыннаах, үрэлтэтэ үрэллибэт үрүн сүүрүктээх, харалтата биллибэт хара баайдаах дьэ бу маннык үтүө дойдуга киһини-сүнһүнү олордуохха диэн- нэр үрлүк халлаан үтүөлэрэ, баай халлаан баһылыктара, улаа халлаан тойотторо мустан, дьөрбөлөһө түһэн сүбэлэһэн бараннар. уоллаах кыыс оҕону аҕалан олохсутан бараннар, түөрт саханы төрүттүүр, үс саханы үөдүтэр дьон төрдө буоллуннар диэн, субан сылгы баһын быата тутуурдаах субан туруйа уолаттарынан до- ҕуһуоллатан, аҕыс таҥалайдаах ыаҕайа тутуурдаах Намылка сайылык кыргыттарынан арыаллатан киллэрэн олорпуттара үһү Турар хайа тулааһыннаах, сытар хайа сындыыстаах, таас хайа дьайыҥнаах, буор хайа модьоҕолоох, муус хайа булуннаах орто курбуу дьаҕыл дойдуга олохсуйан олорбуттара: Айыы Сабар- даан дьахтардаах Сабытал баай тойон, Чаҕар дьоннорун дьаһа- йар, кыра дьоннорун күрүөтүүр Баттах Сарыан, Баалкы Сутур Баадар хара диэн уолу баһылыгынан ыыталлар.Бу кыпына суох самаан сайыннаах дойдуга кынатын төбөтү- гэр кыыппах харалаах, кынталдьыйбыт быһыылаах, кырыылаах тумустаах, кылдьыылаах харахтаах, кынкынас ырыалаах Кыталык кыылым кыстыыр сирэ эбит, ньондоллубут сотолоох, суптуллу- бут тумустаах чуҥкунаан хаһыытыыр туруйа кыылым тохтуур си- рэ эбит. Ханаллыбыт быһыылаах, харатыны дьүһүннээх, халыгы- рас саҥалаах хаастыыра барахсан саарар сайыннаах, өҥүрээбэт өтөннөөх, быстыбат былдьырыыттаах, кэхтибэт кэҕэлээх кэрэ сир эбит. Аҕыс салаалаах ача алыстаан тахсар, тоҕус салаалаах лохуора от туругуран үүнэр туйгун томтордоох, биэс салаалаах бэттиэмэ от биһирээн үүнэр бэттээхэй сирдээх. Араҥас сибэкки ардайдаах, кыһыл сибэкки кытыылаах, күөх сибэкки күөгэйэ үүнэр күндү кырыстаах,Или Илин диэки өттүн эргиллэ баттаан көрдөхпүнэ эдэр дьахтал- лар илии илиилэриттэн сиэттиһэн баран Иэйнэхсиккэ киирээри эҕэрдэлээн иһэллэрин курдук эркэнэ хара тыалаах, соҕуруу диэки суһумнаан көрдөхпүн» чохороон сүгэ тутуурдаах субан туруйа уолаттар куруҥ маһы куомуннаһан көрдөөн чоноруһан эрэллэ- рин курдук куруҥ хара тыалаах, арҕаа диэки өттүн аһара бат- таан көрдөххө аҕас дьахталлар тарбах тарбахтарыттан тарды- һан бараннар Айыыһыкка киирээри айхаллаһа иһэллэрин курдук арыы хатыҥ чараннардаах, хоту диэки холоруктаан көрдөхпүнэ кураанах төбөлөөх, хоппоҕор силистээх, хоҥностугас хатырык- таах куруҥ үрэхтэр куугунуу үүнэн барбыттар. Сэттэ уон үрэх сиз сиэттиһэн-силбиһэн кинрэннэр сэттэ үөстээх Сирэм Далай диэн сиксиктэммит эбит, аҕыс уон аҕыс үрэх ааллаһан-аргыстаһан аралыйа устан книрэннэр аҕыс үөстээх Араат байхал диэн алын- наммыт эбит, тоҕус уон тоҕус үрэх тоҕуоруйа устан киирэннэр, тоҕус үнстээх Долгуура муора диэн олохтоммут эбит.Бу улуу дойдуга олорор ыаллар маннык диэн ааттаан алаас- тарынан тайаан олорбуттар: туруйа кыыл тоҕус хонукка тула көтөн нуударатын булан тохтуур «Қиэҥ Саладьыкы Хотун» диэн отор алаастаахтар эбит, ханаллыбыт быһыылаах, харатыны дьү- һүннээх хаастыыра көтөр аҕыс хонук устата арыылыы көтөн ача- лаах отугар түһэн аһыыр «Киэҥ Сайгылла» диэн сайылыктаахтар кыл- эбит, кынатын төбөтүгэр кыырпах харалаах, кынталлыбыт, кыл- дьыылаах харахтаах, кырааскалаах атахтаах кыталык кыылым кырыйа көтөн кындалыгар түһэр «Кнэн Кылаадыкы Хотун» днэн кыстыктаахтар эбит.Күннүк сиртэн көҕөрөн көстөр күөх хонууларын ортотунан күннээх сиртэн күөгэнэн көстөр күндү толооннорун ортотунан күлүгүрэн көстөр күүлэлэрии диэкинэн күөйэ хааман көрдүм. Аҕыс хардаҥ эһэ тириитэ хаххалаах лип-хара ааннарын тэлэйэ баттаан баран олуулаан көрбүтүм, алталаах атыыр оҕуһу оройго охсон, олордо түһэрбит курдук модун хара модьоҕолорун атыл- лаан киирбитим, кэҥкээбиллээх киэҥг балаҕаннарын кэтэҕириин оронноругар олорор киһи кэҕэ саҕа буолан көстөр, уҥа диэки олорор киһи улар саҕа буолан көстөр уорун бараан ордуу эбит, Ханас диэки олорор киһи хабдьы саҕа буолан көстөр киэҥ кэҥкэмэ балаҕаны устуруустаан унаарыппатахтар, күөбүллээн күдээрип- пэтэхтэр, Онон-манан олуй-молуй суоран умнаабыта буолан оҥор- буттар эбит. Айгырыа диэн аҕыс уон аҕыс адаар тинтинэн баҕаналаабыттар, толугуруо диэн тоҕус уон тоҥ тинтинэн тулааһыннаабыт- тар, сиҥнэстиэ диэн сэттэ уон тиитинэн тирээбиллээбиттэр. Тахсар күн сардаҥата сайан тыктын диэн сарт түннүктээбит- тэр, кинрэн эрэ күн кичэйэн тыктын диэн кэнэҕэски түннүктээ- биттэр, туналҕаннаах буоллун диэн чоҕочу түннүктээбиттэр. Алаа сыһыы быһаҕаһын саҕа майдаҕы маҥан холумтаннаах, аҕыс адарай тинти адаарыччы ууран суостуганнаах суо хаан оһох буоллун диэн сытыары сыбаан оҥорбуттар. Үөлэн киһи үр- гүлдьү сылдьар эҕириэн киэҥ үөлэстээбиттэр».

  •  

Андросов Е.Д.

  — [[]]

== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара