Денис Тимофеевич Эльберяков(Таатта олонхоһуттара)
Денис Тимофеевич Эльберяков (1887-1955 сс.) диэн олус ыраа- ҕынан да аатырбатар-сураҕырбатар, киэҥ соҕустук кэрэхсэм- мит, оройуонун дьонугар обургутук биллибит-көстүбүт, олус олоҥхоһут, ырыаһыт, тойуксут, остуоруйаһыт киһи төрөөн-үөс- кээн, олорон ааспыта, Кини ыкса ыаллара, чугас доҕотторо кэп- сииллэринэн олус сайаҕас, күлбүт-салбыт, үөрбүт-көппүт, наһаа оонньуулаах, судургу, көнө майгылаах-сигилилээх, бастар барам- мат баай тыллаах-өстөөх, адьас боростуой киһи быһыытынан биллэр. Кини хас да, тус-туспа ааттардаах олонхолордооҕо. Олортон «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун дьон ордук биһирээн истэллэрэ. Денис Тимофеевнч олоҥхотун элбэхтик истибит Роман Баппадов кырдьаҕас кэпсииринэн кини олоҥхо киирни тылын олус уһуннук, араастаан сиэллээн-кутуруктаан, сн- лигин ситэрэн-хоторон, туох да иҥнигэһэ, эҥкилэ суох уу сүү- рүгүнүү куллугураччы этэринэн олоҥхоһуттартан эрэ ураты уус- уран тыллааҕа диэн куруутун ахтан-санаан ааһааччы. Денис Тимофеевич Чөркөөх Күнээйитин Маҥалас аҕатын ууһуттан төрүттээх-уустаах Мотуруона диэн кыыһы кэргэн ылан, Минтэрэй, Макаар уонна Киргиэлэй диэн үс уолу төрөппүттэрэ. Минтэрэй уонна Макаар аҕаларын ууһааннар куһаҕана суохтук ыллыыллара, туойаллара үһү. Дьон, улахан уолу Миитэрэйи, аҕа- тыттан быдан ордук куоластаах ырыаһыт буолсу диэн сылыктыыл- лара. Хомойуох иһин,- Миитэрэй уол бэрт эдэр сааһыгар ааспыт улуу сэриигэ баран төннүбэтэҕэ. Оттон иккис ырыаһыт уол Ма- каар 1934 сыллаахха баар-суоҕа 19 сааһыгар сылдьан, эмиэ хо- молтолоохтук өлбүтэ. Билигии Денис Тимофеевич үһүс уола, сэрии инбэлиитэ Григорий Денисович Черкөөххө ыал буолан, хас да оҕону төрөтөн, оҕолорун, сиэннэрин кытары бур-бур буруо таһааран, быр-бааччы олорор, Кини аҕатын туһунан ымпыктаан- чымпыктаан, ырытан элбэҕн да билбэгэр, онон-манан, быһыта- орута да буоллар син аҕыйах түгэни истэр, билэр эбит:Мин аҕам балтынаан Өлөөнөлүүн иккнэйэх эрэ бииргэ тө- рөөбүттэр этилэр. Аҕам аҕата, эбэтэр мин эһэм Түмэпий ырыа- һыт, олонхоһут сураҕа иһиллибэт, Хата ол оннугар эбэм, Баайада Дөдүүкүттэр кыыстара Ылдьаана (Ньаҕааннар кыыстара) удаҕан эмээхсин этэ. Олус уустаан-ураннаан ыллаан, туойан кутурара, кыырара, мэнэрийэрэ даҕаны, Аҕам сайынын колхоз үлэтигэр-хамнаһыгар баттатан, оттон кыһынын наар булду-алды эккирэтиһэр буолан дьарытыран ыллыыр, олонхолуур бириэмэтэ да суоҕа. Кини 1928 сыллаахха Күнээйн нэһилиэгин Сэбиэтин председателинэн үлэлии сылдьыбыт сурахтааҕа. 1936 сыллаахха саас Петр Никифорович Попов диэн киһи аҕабыттан хас да ырыа- ны, тойугу суруйан барбыта Сэрии саҕаланыытыгар Ытык Күөл учуутала Яков Викторович Стручков днэн киһи аҕабын, оскуола- тын биир кылааһыгар киллэрэн олорон, эмиэ хас да ырыаны, тойугу суруйбутун өйдүүбүн. 1947 сыллаахха Чөркөөх «Танатыгар» олордохпутуна Р.А.Кулаковскай кэлэн, аҕабын кытары биир нэдиэлэ устата хонон- өрөөн сытан, кэпсэтэн да, ыллатан да суруйбута. Онтон кэлин, билигин саха композитора буолан олорор Ф.С.Аргунов аҕабыттан эмиэ бэрт элбэҕи суруйбута. Аҕам эдэригэр «Хабарҕа ырыатын», «Сахалыы үҥкүү ырыатын», чохчоохойдуу сылдьан «Чохчоохой үнкүү» ырыатын ыллыырын өйдүүбүн. Олонхону сабаабына олоҥ- холообот этэ. Биирдэ эмэ улахан түмсүүлэргэ көрдөстөхтөрүнэ олонхолуура, диэн Григорий Денисович оҕонньор кэпсээнин түмүктээбитэ,Денис Тимофеевич куоракка киирэн, төрдә Дьүлэй нэһилиэгин киһитэ Мөссөй Көстөкүүн уола Васильев диэн оспуоччук оҕон- ньорго түһэн олорон, хаста да ынырыыга сылдьан ыллаабыт- туойбут сураҕа иһиллэр. Онно кинн куолаһын Сергей Зверев куолаһыттан быдан ордук эбит диэн бэркэ биһирээбиттэрэ, хай ҕаабыттара үһү. Денис Тимофеевич олонхотун элбэхтэ истибит Р.П.Баппадов Денис куолаһын Дарабыан Дабыыдан диэн олонхоһут куолаһыттан быдан ордук этэ диэн кэпсиир.
Андросов Е.Д. | |
— [[]] |
== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара.