Дарабыан Мэхээйилэбис Дабыыдап (Таатта олонхоһута)
Дарабыан Мэхээйилэбис Дабыыдап уһулуччу чорбойон аатырбыта-сураҕыр- быта. Кини туһунан М.Г.Соров 1I өтөрдөөҕүтэ «Коммунист» ха- һыакка «Олоҥхоһут Дарабыан» диэн суруйан таһаартарбыта. Онтон кыра-кыра кэрчиктэри кытта биленэҕин: «Дарабыан тас ырбаахытын уста биэрээт, уот кытыытыгар ха- тардыллыбыт остоол таһыгар талах олоппоско олоро биэрдэ, ханас илинтинэн өттүк, уҥатынан сыҥаах баттанан, бастаан саас- сааһынан наҕылыччы, онтон улам күөрэччи эттэр этэн, тыынан дэбилитэн истэ эбээт, Киниэхэ «Ноо!» диэччи Мэхээлэ эбээһи- нэһин лоп бааччы толорбутунан барда». «Уолукка астахха уһуугаан уһуктар, уолуйан турар, уолугун төрдүгэр сытар ынах ханнын саҕа сымара таас куртахтаах, улуу- туйар улуу дьаалы Улахан Куохтуйа аҕалаах, санныттан арбаҕа- һын араарбатах, атаҕыттан адаҕатын устубатах, арсыын тинктээх Арсан Дуплай, аан дьааһын, аппах буурай, атара бөтүөхэй Буор Маҥалан оҕонньор улахан кыыһа амсайбахтыыр ап сал- баныкы Ала Дугуйдаан хотун ийэлээх, таас сиргэ даадаллан туран даамын биэрбэтэх таҥнары Таас Даадар бухатыыр диэн абааһы бииһин алдьархайдаах атамаанын кытта орто дойду дуо- лан бухатыыра Дьулуруйар Ньургун Боотур күөн көрсөн, күрэс былдьаһан, чэгиэн эт сэймэктэһэн, чэй хаан тохсуһан, ыйаахтаах ыйааһын курдук ылсар, харахтаах хаантаар курдук харсан кии- рэн бардахтарына», диэн олоҥхотун тылын этэн льиэрэһи- тэн барбыта.Олонхо истээччилэр бары даҕаны, бу дьиэлэрин иһигэр буола турар кыа хааннаах кыргыһыыны көрөр курдук дууһалыын долгуйан, сана аллайбахтыыллара, Онтон олонхоһут буоллаҕына этэр тылын хомуһуннаах илбиһигэр таттаран, түһүмэх-түһүмэх түһэрэн, сорох түгэннэргэ унаарытан сыыйбахтаан ыла-ыла, этэн дьалыһыта олорорун өйдүүбүн.Дарабыан Дабыыдап ырыаларын бары дэгэттэрин толору баһылаабыт киһи этэ. Айыы аймаҕа, күн улууһа уонна араас иччи лэр, абааһы аймахтара барыта уонтан тахса тус-туһунан мело- диялаан, араастаан туттан-хаптан толоруллар элбэх өрүттээх ырыалары уон араас куолаһынан толороро, Холобур: «Көстүбэт Бөҕө көй бөллөх ыар дьайыы күн дьонун бииһиттэн көлбөрүттэ- ҕим буоллун, хойутун даҕаны көмүскэстээх күн өркөн улууһун көстүбэт удьуоругар күүс өттүнэн күөмчүлэтиэм эрэ суоҕа, чэй эрэ уһуктаах сэппэр умсугуйбут оһол уола оп соабончой Омун Охочой тойон убайым, биилээх сэппэр мэнийбит Илбис кыы- һа Эбир Кутурук, Хатан Часкыйа, Алтан Чаный хотун эдьнийим, уу субай хаанынан сууна оонньуоххут буоллар, кыһыл-хара хаанынан илгистэ иһиэхтэниэххит буоллар, ыраах да буолларгыт чугаһаан эрэ! Баар буолларгыт кэлэ тардын, Адьарай уолун сыын-сыраан иччилээх хоолдьуктаах баһын дэбдиргэ ыйаатым, салама тиирдим!» - диэн бухатыыр киһи дорҕоонноох чуор куо- лаһынан дуораһыттаҕына, дьиэ иһинээҕи тыҥааһыннаах ыар санаа ханна да суох гына мэлийэн хаалар, оччоҕо киһи дууһа- лыын чэпчээн, кута-сүрэ өрүтэ дэбдэҥнээн тахсыах курдук чэп-чээн, сырдаан хаалар.
Андросов Е.Д. | |
— [[]] |
== Литэрэтиирэ ==Таатта олоҥхоһуттара, ырыаһыттара