Иһинээҕитигэр көс

Далан-репрессия

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Репрессия «үлэhиттэрэ».

  • Далан: «МГБ улэhиттэрин сэлиэстийэлэрэ Советскай Союз урдунэн биир схема, биир шаблон, биир халыып быhыытынан барар эбит - ол 20-30-с сыллартан быhа чочуллубут, 1952 сылга тумук ситиhиилэрэ эбит этэ» (23).
  • Далан: «Дай показания, хотя бы и ложные, но необходимые нам показания, и мы сразу выпустим тебя из тюрьмы» (39). Устудьуон В.Яковлев сымыйа дьыала5а хаайылларыгар «илиилэрин уурбуттар»: полковник Речкалов, САССР прокурорун э.т Трофимов, подполковник Рудаков, полковник Немлихер; ст.лейтенант Павлов (19). Турмэ «тойонноро» лейт.Блейдер, лейт.Филиппов, Березовскай, Шаронов, Павлов (20), надзирателлэр Асадуллин (44), Бибиков (45).
  • Далан: «Филиппов, Березовскай, Немлихер логикалара маннык этэ: саха суруйааччылара - бары сахалар. Сахалар буоллулар да - сахалыы 8йд88хт8р, ол аата националистическай. 8йд8р8-санаалара националистическайын быhыытынан айымньылара эмиэ националистическай. Антисоветскай санааларын айымньыларыгар этэн, бэчээтинэн тар5атан, дьону иирдэллэр, агитациялыыллар. Сорохторо националистическай айымньыны хайы-уйэ5э суруйан, агитацияны ыыппыттар, сорохторо сан,а суруйаары сылдьаллар» (73). Атын буруйдааччылар: прокурордар Мыреев М.Е (98), Артемов, Кондраков (197), Пономарев (215), турмэ начальнигын солбуйааччы капитан Зуев (154); лаа5ыр начальниктара: майор Мовчан, ст.лейтенант Цуркан, капитан Кобваса, лейтенант Емельченко (176), НКВД Чурапчы оройуоннаа5ы начальнига Раат (345, 349). Палачтар: Дорофеев, Беляев, Некрасов, Вилинов, Карелин, Ахчан,ныырап, Ощепков, Андросов (25), Разин, Винницкэй (349).
  • Далан: «Дьыала5а сэлиэстийэ ыытааччылар ааттара суох, араспаанньалара эрэ суруйаллара...Аата суох толорооччу буолар барыстаах: 60 м8луйу8н киhини...суох гынан баран, кун бугун,н,э диэри буруйдаах к8стубэт, ким да5аны ол иhин эппиэттээбэт (20, 21 ).
  • Далан: «Оттон биhиги уhу8ммут дьыалата сурдээх аккуратнайдык тигиллэн, «Совершенно секретно», «Хранить вечно» грифтээх, кэлэр к8лу8нэлэргэ биhиги уту8 ааппытын хараарда, ууруллан сыппыттара 40-ча сыл буолан эрэр» (21).