Дабыыдаб Дарабыан Мэхээйилэбис

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Дабыыдаб Дарабыан Мэхээйилэбис Таатта хойукку соҕус көлүөнэ олоҥхоһуттарыттан Дарабыан Мэхээйилэбис Дабыыдап уһулуччу чорбойон аатырбыта-сураҕырбыта. Кини туһунан М.Г.Соров II өтөрдөөҕүтэ «Коммунист» хаһыакка «Олоҥхоһут Дарабыан» диэн суруйан таһаартарбыта. Онтон кыра-кыра кэрчиктэри кытта билсиэҕиҥ: «…Дарабыан тас ырбаахытын уста биэрээт, уот кытыытыгар тардыллыбыт остоол таһыгар талах олоппоско олоро биэрдэ, хаҥас илнитинэн өттүк, уҥатынан сыҥаах баттанан, бастаан саассааһынан наҕылыччы, онтон улам күөрэччи эттэр этэн, тыынан дэбилитэн истэ эбээт. Киниэхэ «Ноо!» диэччи Мэхээлэ эбээһинэһин лоп-бааччы толорбутунан барда». «Уолукка астахха уһуутаан уһуктар, уолуйан турар, уолугун төрдүгэр сытар ынах ханнын саҕа сымара таас куртахтаах, улуутуйар улуу-дьаалы Улахан Қуохтуйа аҕалаах, санныттан арбаҕаһын араарбатах, атаҕыттан адаҕатын устубатах, арсыын тииктээх Арсан Дуолай, аан дьааһын, аппах буурай, атара бөтүөхэй Буор Маҥалай оҕонньор улахан кыыһа амсайбахтыыр ап салбаныкы Ала Дугуйдаан хотун ийэлээх, таас сиргэ даадаллан туран даамын биэрбэтэх таҥнары Таас Даадар бухатыыр диэн абааһы бииһин алдьархайдаах атамаанын кытта орто дойду дуо- лан бухатыыра Дьулуруйар Ньургун Боотур күөн көрсөн, күрэс былдьаһан, чэгиэн эт сэймэктэһэн, чэй хаан тохсуһан, ыйаахтаах ыйааһын курдук ылсар, харахтаах хаантаар курдук харсан киирэн бардахтарына», диэн олоҥхотун тылын этэн дьиэрэһитэн барбыта…

  •  

Андросов.Е.Д.

  — [[]]

==Литэрэтиирэ==Таатта олоҥхоһуттара,ырыаһытара.