Иһинээҕитигэр көс

Грузин өһүн хоһооно

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Манна грузин омук тылыттан тылбаастаммыт өс хоһоонноро киирэллэр

  • Улахан мас күүстээх тыалы сөбүлүүр
  • Ииригирбит ыты өлөрбүт сирдэригэр көмөллөр
  • Мүөт баар буоллаҕына сахсырҕа Багдадтан да көтөн кэлиэ
  • Кырбыыллар эрээри ытыыр бокуой биэрбэттэр
  • Байҕалга тыыннаах ордон баран таммах ууга чачайан өлбүт
  • Миигин тыыппатах бөрө уһун олохтоннун
  • Таптал суох сиригэ үөрүү да суох
  • Бэлэх бэлэҕи эрэйэр
  • Сууллар буоллахха өсүөлтэн буолбакка, аттан сууллубут ордук
  • Тыыннаах ыт өлбүт хахайдааҕар ордук
  • Утуйар таҥаскын хайдах тэлгиигин да оннук сынньаныаҥ
  • Тыа хайдах да кыыл оннук буолар
  • Үгэс сүтүөн оннугар аҕа ууһа быһыннын
  • Ордук саныырдааҕар үтүктүбүт ордук
  • Үтүө майгыны баһаартан атыыласпаттар