Гоголев Петр Васильевич
Гоголев Петр Васильевич - Ил Түмэн бэрэстээтэлэ.
Демократияны хантан да сүһэн ылбаккын. Анал халыыба да, киэбэ да суох. Норуот демократияны бэйэтэ тутар, историятыгар уонна култууратыгар олоҕуран, сыаннастарыгар сигэнэн. Төһө да официальнай история европоцентризмы өрө туттар, биһиги, Арассыыйа норуоттара, евразийскай санаа нэһилиэнньиктэрэ буолабыт, ону эппитигэр-хааммытыгар чугастык иҥэринэ сылдьабыт". | |
— Киин куорат хаһыат, 02.04.2020, Розалия Томская ылбыт интервьюта, Петр Гоголев: «Ил Түмэн норуотун интэриэһин мэлдьи көмүскүөҕэ» |
Буруйдаах барыта моттойоҕо диэбиккэ дылы, билигин туох баар буруйу барытын дьокутаакка сыҕайаллар. Дьиҥэр, оннук буолбатах. | |
— Киин куорат хаһыат, 02.04.2020, Розалия Томская ылбыт интервьюта, Петр Гоголев: «Ил Түмэн норуотун интэриэһин мэлдьи көмүскүөҕэ» |
Ыарахан кэмнэргэ сийиэс, парламент эрэ уопсастыба сайдыытын тосхоллорун быһаарар кыахтаах. | |
— Киин куорат хаһыат, 02.04.2020, Розалия Томская ылбыт интервьюта, Петр Гоголев: «Ил Түмэн норуотун интэриэһин мэлдьи көмүскүөҕэ» |