Галина Нельбисова
Тас көрүҥэ
Галина Нельбисова - суруналыыс, суруйааччы.
Галина Нельбисова айымньыларыттан сытааталар
[уларыт]- Күн аайы уһуктаат, саҥа күн үүммүтүгэр махтан уонна чугас дьоҥҥор алгыс тылгын анаа.
- Эн Айыы киhитэҕин, үтүөнэн олор, кэрэни кэрэhилээ. Ус куккун ыhыма, сүргүн сүтэримэ.
- Уэрууну эн бэйэн оноро5ун, ону ойдоо.
- Киhи оло5ун бэйэтэ оностор. Оло5у хайдах ылына5ын, оннук олоро5ун. Ыксаабакка, ойгун-тойгун сааhыланан, ис туруккун корунэн бэйэ5ин кытта улэлэhиэхтээххин. Маны барытын сыыйа-баайа оноробут. Ыксал диэн суох буолохтаах.
- Киhи икки оруттээх. Учугэй уонна куhа5ан, урун уонна хара. Хайата да элбиэ, а5ыйыа суохтаах. Оччо5о биир турук (гармония) баар буолар. Киhи ити икки кууhу тэнинэн тутта5ына этин-сиинин эчэппэт, ис туругун ыспат. Куруук толору сылдьар.
- Киhи сылайар. Этэ-сиинэ, ойо-санаата эмиэ. Куускун сатаан туhамматаххына эмиэ сылайа5ын. Ол аата киhи кууhун туhанарыгар куннээ5и нуорма диэн баар эбит. Онтубутун хайдах туhанарга эмиэ уэрэниэхтээх эбиппит.
- Куускун сыыhа туттаргын хонтуруолланан конноруохтээххин, оннун булларыахтааххын. Ойун-санаан эккин-сииннин кытта тэн куустээх буолалларын туьугар, колоhунун таhаарар хамсаныылары, улэни-хамнаhы оноро сылдьыахтааххын.
- Эппит-сиимми тоhoнон эчэйэр да, соччонон эмэхсийэн барар эбит. Киhи дууhаата кырдьыбат, этэ-сиинэ тоннор.
- Эр киhи таптала ийэтиттэн ийэ сиргэ бэриллэр.
- Ийэ таптала сылаас буолла5ына, дьиэ кэргэнэ доруобай буолар.
- Дьиэ иhэ о5о кулуутунэн-уэруутунэн туолла5ына, сырдык, ыраас буолар.
- Аҕа амарах, сиэрдээх буоллаҕына, кини дьиэ кэргэнэ бигэ туруктаах буолар.
- Оҕо дьиэ кэргэни ситимниир.
- Саха дьахтара уһун-киэҥ санаалаах, алаһа дьиэтин арчылыыр ыраас тыыннаах.
- Ырааһы, сырдыгы ыралаһааын, олох үтүө, үчүгэй өттүн таба көрүү кыайыылаах буоларыгар эрэнэрбит тухары барыта үчүгэй буолуо.