Волков Геннадий Никандрович

Биики_Домох диэн сиртэн ылыллыбыт

Волков Геннадий Никандрович — этнопедагог, педагогика билимин дуоктара.

  •  

Хайа баҕарар омукка бэйэтин бэлиэ ытык өрүтэ баар буолар. Сахаларга үс төгүл үс диэн ытык өрүтү мин мэлдьи дьүөрэлии кэлимсэ ылан көрөбүн: 1. сэргэ, чороон, хомус; 2. олоҥхо, ыһыах, оһуокай; 3. сылгы, таба, кыталык... — балар бары омук барҕа баай өйүн-санаатын олоҕор быһаччы тиэрдэллэр. Хас ытык өрүт аайы элбэҕи эҥсэн этиэххэ сөп. Ол эрээри олоҥхоҕо туох барыта хамсыыр-имсиир, олоҥхо бу дьүөрэлэһиигэ тэбэр сүрэх, эргийэр киин буолар. Ол иһин мин саарабыла суох этэбин: олоҥхо — саха өйүн улууканнаах айыыта, аан дойду култууратын уһулуччулаах көстүүтэ.

  — Бүөтүр Оҕотоойоп "Элэс Боотур" кинигэтин иннигэр суруллубут, 2002. - 1228 с., С.7